22.11.2024

Былыргы дьыллар быраман мындааларыгар,

Урукку дьыллар улаҕалаах уорҕаларыгар

Орто туруу бараан дойдуга олоҥхо үөскээбитэ.

Олунньу ый 10-11 күннэригэр Кыыс кэрэ Нам сирин киинигэр сабыс-саҥа туттулан киирбит  М.К. Аммосов  аатынан култуура уонна духуобунас сайдыытын  дыбарыаһын үрдүк сценатыгар   саха уһулуччулаах государственнай деятеля, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич  Ойуунускай  Улуу айымньытыгар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар олоҕуран,  биһиги биир дойдулаахпыт, Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусстватын  Үтүөлээх деятеля,  Нам улууһун, Үөдэй уонна Никольскай нэһилиэктэрин Ытык Киһитэ Василий Алексеевич Зырянов музыкатыгар  «Туйаарыма Куо» музыкальнай драма-олоҥхо туруоруллан көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылла.

Бэс ыйыттан саҕалаан, тоҕус толору ый устата быыһык күннэри баттаһа, үс оонньуулаах драма-олоҥхоҕо бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллан, силигэ ситэриллэн, ойуута-бичигэ ойууланан таҕыста, ырыата-тойуга дьиэрэйдэ, тыаһа-ууһа ньиргийдэ, оһуохайа дуорайда, Нам улууһун култууратын нэһилиэстибэтигэр өссө биир саҥа аартык буолан арылынна.

Бу үөрүүлээх, долгутуулаах премьера 2022 сылга, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, уһулуччулаах партийнай  уонна государственнай  деятель  Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыта уонна саха уһулуччулаах государственнай  деятель, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич  Ойуунускай  төрөөбүтэ 130 сылын арыйда.

Бырайыак ааптара уонна музыкатын редактора – С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ үҥкүүтүн театрын оркестрын сүрүн дирижера, Арассыыйа култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ искусстватын  Үтүөлээх деятеля, Николай Павлович Петров, либретто ааптара, фольклор уонна этнография өттүттэн сүрүн консультант, Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр уһуйааччы, алгысчыт, Арассыыйа култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР Үтүөлээх артыыһа Афанасий Семенович Федоров, сүрүн режиссер — СӨ Үтүөлээх артыыһа Прокопий Дмитриевич Неустроев,  сүрүн хореограф — СӨ Үтүөлээх артыыһа, өр сыллар устата Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын сүрүн балетмейстера — Мария Васильевна  Сайдыкулова, сүрүн хормейстер — ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун, Таастаах уонна Ленскэй нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, самодеятельнай композитор Елена Александровна Кутукова, сценография худуоһунньуга – А.С. Пушкин аатынан Государствкеннай академическай нуучча драматическай театрын сүрүн худуоһунньуга, Арассыыйа уонна РФ уонна СӨ  искусстватын  Үтүөлээх деятеля, СӨ норуодунай худуоһунньуга Николай Николаевич Попов, көстүүм худуоһунньуга Марьяна Григорьевна Оконешникова.

Сүрүн оруолларга оонньоотулар: Туйаарыма Куо — Яна Нюргусова, Үрүҥ Уолан — Сандр Находкин, Сабыйа Баай Хотун — Александра Аргунова, Саха Саарын Тойон — Аскалон Егоров, Күн Дьирибинэ  оруолун толордулар Геннадий Игнатьев, Дмитрий Барабанов. Ньургун Боотур — Владимир Колесов, Уот Уһутаакы — Владимир Сыромятников, Степан Находкин. Буутай — Петр Охлопков, кыра абааһы оруолун толордо Урсун Винокуров. Кыыс Кыскыйдаан оруолларын  Ньургустана Лебедева, Мирабелла Ядреева  толордулар. Дьэс Эмэгэт — Наталия Николаева, Симэхсин Эмээхсин — Елена Руфова.  Ону тэҥэ, «Ручеек» оҕо образцовай үҥкүүтүн коллектива  (салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Москвитина Надежда Федоровна), «Ньургуһун» (хормейстер Кутукова Елена Александровна) уонна Үөдэй нэһилиэгин В.А. Зырянов аатынан (уус-уран салайааччы — Кельциева Мария Святославовна) народнай хордар, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж студеннарын «Айылҕан» үҥкүү бөлөҕө (салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Попова Мария Спартаковна), И.С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1№ орто оскуола 11 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы — Старостина Вероника Гаврильевна) кытыннылар.

Драма-олоҥхо устатын тухары  С.А. Зверев–Кыыл Уола аатынан СӨ үҥкүүтүн  театрын  оркестра (салайааччы — Петров Николай Павлович), З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусстватын оскуолатын оркестра (салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Федулова Анна Афанасьевна), «Кыл-Саха» (салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Томская Анна Ивановна) уонна  «Нам-Кылыһах» (салайааччы — Григорьева Мария Степановна-Маайа) төрүт дорҕоон бөлөхтөрө доҕуһуоллаатылар.

Бу сүдү туруорууга 130 киһи кытынна. Үлэ барыытын тухары кэккэлии туран, хас биирдии  киһи тэҥҥэ долгуйа, өрө күүрүүлээхтик турунан бэлэмнэннилэр.  Олор истэригэр анал идэлээх артыыстар уонна Нам улууһун самодеятельнаһа кытыннылар.

Хас биирдии артыыс оркестры кытта тэҥҥэ оруолун толору арыйан, этэр тылын, туттарын-хаптарын барытын чочуйан, хас эмитэ бүк ыйааһыннаах, халыҥ сценическай көстүүмү кэтэн, бэлэмнэннэ.  Ол курдук, үлэ кэмигэр биир партияны хас да чаас хатылаан, ыстаал хатарылларын курдук, артыыстарбыт кырыыланан, чочуллан таҕыстылар.  Хас биирдии киһиэхэ маннык үлэни олоххо киллэриигэ дириҥ билии, уопут эбилиннэ диэн саарбахтаабаппыт.

А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ Нам улууһа төрүттэммит дириҥ суолталаах күнүгэр анаабыт   сүдү бэлэҕэр кыттыспыт бары Наммыт дьонугар барҕа махталын тиэрдэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять