А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр «Эҥсиэли оһуокайа» түмсүү айымньылаахтык үлэлээбитэ 10 сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ. Үөрүүлээх тэрээһин оһуокай тула үлэлэһэр түмсүүлэри, оһуокайы өйүүр салайааччылары, оһуокай эйгэтин сэҥэрээччилэри, оһуокайы таһаарааччылары киэҥ түһүлгэҕэ муус устар 19 күнүгэр муста.
Оһуор үктэллээх «Эҥсиэли оһуокайа» түмсүү кыттааччыларыгар анаан «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, Нам улууһун Культураҕа уонна Духуобунай сайдыыга салайааччыта Семен Прокопьевич Ядрихинскай, СӨ Оһуокай түмсүү салайааччыта Александр Джурович Данилов, Ленскэй, Хатырык, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин дьаһалталара, П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтин директора Вера Васильевна Колпашникова уонна СӨ Аар Дархан этээччитэ Е.Г Осипов, Дархан оһуокайдьыттара М.Т.Николаева уонна Р.А.Гаврильев кэлэн үтүө тыл үтүмэнин, эриэккэс эҕэрдэ эгэлгэтин эттилэр, инникитин бу түмсүү кэҥээн, чэчирээн тэнийэригэр алгыс анаатылар.
Оһуокай түмсүү кыттыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэригэр Татьяна Евсеева, Мария Жиркова, Лидия Пестрякова , Хатырыктан Сыдьаайа Лонхо, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон салайааччыта Мария Григорьева-Маайа, «Иэйии» бэтэрээннэр кулууптара, Партизан нэһилиэгиттэн Д.И.Кривошапкин аатынан «Хомус» Фольклор Дьиэтин «Дьүрүл» народнай ансаамбыл уус-уран салайааччыта Мария Аргунова, «Түөлбэ» оҕо киинин фольклор куруһуогун уһуйааччыта, импровизатор-хомусчут Сахаайа Колодезникова, П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин специалиһа Сандр Находкин ыллаан-туойан кэлбит көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Тэрээһин иккис чааһын оһуокай этиитэ салҕаата. Маастар-кылаас быһыытынан Наммыт оһуокайын Үөдэйтэн П.Е.Федотов уонна Граф-Биэрэгиттэн В.Н.Сивцева, «Дьүрүл» народнай ансаамбыл тутаах оһуокайдьыта, «Кустук» Оҕо уһуйаан иитээччитэ Е.П.Оконешникова иһитиннэрдилэр. Ону таһынан култуураҕа үлэлээн ааспыт коллегабыт Владимир Николаев ыалдьыт быһыытынан саҥа дыбарыаспытын үөрэ-көтө дуоһуйа хоһуйан, оһуокайы оройуттан тутта.
Тэрээһин биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн — ыалдьыттарга саҥа саҕалаан эрэр оһуокайга холонор эдэр ыччаттары хайҕыы бэлиэтиибит. Ол курдук Көбөкөнтөн – Ай-Тал Осипов, Партизантан — Мария Аргунова, Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн — Элеонора Сивцева, Намтан – Сахаайа Колодезникова,Ульяна Стручкова оһуокай тылын этэн кынаттардыын көтүттүлэр, кыттааччылары астыннардылар.
Түмүккэ Наммыт оһуокайдьыттара эдэр этээччилэргэ сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Дархан оһуокайдьыт Валентин Хорунов анал бэлэҕин Элеонора Сивцеваҕа анаата. «Наммыт оһуокайа сарсыҥҥылаах эбит» — диэн тэрийээччилэр уонна ыалдьыттар эрэх-турах сананан астынан тарҕастылар.