Муус устар 28 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин коллектива «Күөх маайынан!» «Үлэ!» «Эйэ!» «Саас!» бырааһынньыга иһэринэн Нам улууһун Кырдьаҕастарын уонна инвалидтарын дьиэтигэр аҕам саастаах дьону эҕэрдэлээн көрдөөх сыаҥканы көрдөрөн, үҥкүүлээн, тойук туойан, ылбаҕай ырыаларын ыллаан бэлэхтээтилэр.
Ол курдук, Кырдьаҕастар уонна инвалидтар дьиэлэрин уус-уран салайааччыта М.В. Матвеева: “А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин коллектива! Күөх Маайынан! Кэрэ кэммит эргиллэн, ыам ыйа долгуйан кэлбитинэн кырдьаҕастар дьиэлэригэр урукку кэмнэри саната, ыллам-дьэллэм ырыалаах, үҥкүү-битии доҕуһуоллаах бииргэ буолбуккутугар махтал маанытын этэбит. Күүтүүлээх Маайга ыалдьыттааҥҥыт бу бырааһынньык Сэбиэскэй кэм үөрүүтэ, кырдьаҕас көлүөнэ дьон үтүөлэрэ умнуллубатын, история кэрдиис кэмэ буоларын кэрэһэлээтигит. Бу күн сүргэ көтөҕүллүүтэ, санаа манньыйыыта буолан ааста. Кэрэ эйгэни үллэстэр үтүө санааҕытынан кырдьаҕастар олохторун сэргэхситэргитигэр — сайдам санааны саҕаргытыгар махтанабыт, өссө да күндү ыалдьыт буола туруҥ, диэн ыҥырабыт.
Дойдубут үөрүүтүн, өрөгөй күнүн өрөтөр-чөрөтөр, өссө үөһэ дабатар кэрэ дьоммут! Түбүктээх уустук үлэҕит күүрээнин аартыктара арылла турдуннар диэн айхаллаатахпыт буоллун! Саҥа Дыбарыас дьиэлэммиккитинэн үөрүүбут өссө үрдээн, аҕыс көстөөх сиртэн арылыйа сырдаан Эҥсиэлибит хочотун кэрэ кэскилин кэҥэтэ, үтүөнү үмүөрүтэ, дьон-сэргэ үрдүк үөрүүтүн өрүүтүн күөттүү, ыам ыйын, күн уотун, күөх сирин, күн аайы уруйдуу туруҥ! Бырааһынньыгынан, Күөх Маайынан!”, үөрүүтүн үллэһиннэ.
Бу курдук, аҕам саастаах дьону ытыгылыы, сэргэхситэ сылдьыаҕын!