22.11.2024

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бүттүүнэ биир сомоҕо буолар, инникигэ кынаттыыр, ураты суолталаах бэлиэ  күнүгэр, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель, биир дойдулаахпыт Максим Кирович Аммосов Үрдүк аатыгар сүгүгрүйүү түгэнэ ыытылынна.  

И.С.Гаврильев аатынан Нам 1-№ орто оскуолатын уонна Н.С.Охлопков аатынан Улуустааҕы Гимназия  үөрэнээччилэрэ, учууталлара, нэһилиэк ытык ветераннара, олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

         Максим Кирович Аммосов үйэлэргэ симэлийбэт сырдык аатыгар сүгүрүйэр, махтанар, пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруу түгэнигэр  «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччыта  А.И. Егорова, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыгын солбуйааччыта Т.Е.Охлопков, «Нам улууһа» МТ  депутаттарын сэбиэтин социальнай политика уонна үлэ бастайааннай комитетын председателя Н.М. Жирков тэрээһин кыттааччыларыгар эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Саха сирин норуотун үйэтитэргэ туруулаһан, норуоппут көҥүлүн көмүскээбит биир дойдулаахпыт, Өрөспүүбүлүкэбит биир саамай күүстээх, дириҥ толкуйдаах уонна күлүмүрдүүр алмаас таастыы чаҕылхай  салайааччыта Максим Кирович Аммосов Үтүө аатын мэлдьи кэриэстии туруоҕуҥ! Үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэн, модун санааны, дойдуга тапталы иҥэрэ сылдьыаҕыҥ! Саха буолан сандаарыҥ! Уруй! Айхал! 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять