
Улуу убайбыт, чулуу киһибит Максим Кирович Аммосов төрөөбүт дойдутуттан, Хатырыктан сылдьар араас идэлээх, эйгэлээх уолаттар ырыа куттаах 5 сыллаах айар киэһээлэригэр ыҥыраллар Бу сэргэх кэнсиэркэ урукку уостан түспэт ХИТ ырыалар саҥалыы тыыннанан дуорайыахтара, авторскай айымньылар сүрэхтэниэхтэрэ, тыыннаах доҕуһуоллаах, тэтимнээх, иэйиилээх ылбаҕай ырыалар ылланыахтара
Ону тэҥэ имигэс үҥкүүлэр, сиэдэрэй көстүүлэр киэргэтиэхтэрэ
Бука барыгытын күүтэбит
Иэйиилээх, кэрэ эйгэҕэ уйдарар, үөрүү кынаттаах кэнсиэри көтүтүмэн