22.11.2024

Муус устар 20 күнүгэр улууспут баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов «Саха» НКИХ сарсыардааҥы «Саҥа күн» биэрии аһаҕас эфирыгар кыттыыттан Дьоллоох Дьокуускай киэҥ туонатыгар Нам улууһун күнэ саҕалаанна.

Республикатааҕы медиа-кииҥҥэ «Бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр  дьиэ  кэргэттэригэр оҥоһуллар көмө уонна өйөбүл»  пресс-конференция ыытылынна. СӨ национальнай  художественнай  музейыгар  «Раритеты Якутии» научнай-чинчийэр проект чэрчитинэн «Художественное наследие: Намский улус» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтигэр Нам улууһун култуура эйгэтин үлэһиттэрин кытта  төгүрүк остуол ыытылынна. Тыа сирин кулууп дьиэлэригэр туох моһоллор, үтүө холобурдар баалларын ырытыы буолла, салҕыы инники  үлэни торумнааһыҥҥа, саҥа ньымалары булууга, тэрийэр, көҕүлүүр, ыччаты кэрэҕэ итии үлэ хайысхатын тула кэпсэтии буолла.

«Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр   атыы- кутуу, Нам улууһун талба талааннаах уустарын, маастардарын быыстапката иккис этээс фойетын толордо, хас биирдии кэлбит ыалдьыты кэрэхсэттэ. Олор истэригэр Кореяттан кэлбит студеннар бааллар. «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө (салайааччы Мария Григорьева-Маайа) ыалдьыттары дьүрүскэн хомуһунан алҕаата, кыырайа көтүтэр кырыымпаанан доҕуһуоллаата.

Киэҥ далааһыннаах күнү М.К. Аммосов аат. ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «Ытык куба бэлиэлээх Наммыт сирэ кэскиллээх» анал байыаннай дьайыы фондатын өйүүр аһымал кэнсиэрэ салҕаата. Кэнсиэр Намнааҕы народнай театр (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Иван Новиков) артыыстарын толоруутугар театрализованнай туруоруттан саҕаланна. «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Олохтоох салайыныы боппуруостарыгар департаменын салайааччыта Иван Романович Попов, СӨ сыана политикатын Судаарыстыбыннай кэмитиэтин  председателя,  Нам улууһун куратора Антонина Борисовна Винокурова уонна СӨ норуодунай депутаттара Наталья Леонидовна Румянцева, Петр Петрович Юмшанов кэлбит ыалдьыттарга анаан үтүө тыл эттилэр, саллааттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр кытаанах санааны, этэҥҥэ буолууну баҕардылар, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит дьонун сиэрдээх, көхтөөх буолууга ыҥырдылар.

Ылбаҕай куоластаах Саха Республикатын үтүөлээх уонна норуодунай артыыһа, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет судаарыстыбыннай театр сүрүннүүр солиһа, биир дойдулаахпыт Александр Емельянов дорҕоонноох ырыата дуорайда. Маайа Григорьева матыыбыгар, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн доҕуһуолугар «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын ыччатын бөлөҕүн толоруутугар «Эҕэрдэ үҥкүүтэ» тэнийдэ. Бөлөх салайааччыта СӨ култууратын туйгуна, балетмейстер Мария Попова.  Бу үҥкүүнэн аҕыйах хонуктааҕыта, «Ньургуһуннар» Казань куоракка ыытыллыбыт «Сияй» аан дойдутааҕы үҥкүү күрэҕэр 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын ыланнар, сэтинньи ыйга Москва куоракка финалга кыттарга путевка туттулар. Биир дойдулаахпыт, ураты ырыалардаах автор Кэскил Баишев эрчимнэх ырыатын бэлэхтээтэ. Улууспут аатын үгүстүк ааттаппыт, Хомустаах Бастакы нэһилиэгиттэн Александр Окоемов аатынан «Мичээр» оҕо үҥкүү народнай коллектива (салайааччы СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Филиппова),  Хамаҕатта нэһилиэгиттэн «Ретро Данс» народнай үҥкүү коллектива (салайааччы СӨ культуратын Үтүөлээх үлэһитэ Любовь Андросова), Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн «Оһуор» үҥкүү бөлөҕө  (салайааччы Варвара Иванова), Үөдэй нэһилиэгиттэн Василий Зырянов аатынан «Сарыал» сынньалаҥ киин улахан дьонун үҥкүүтүн бөлөҕө (салайааччы Эдуара Сергеева), «Добун» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччы СӨ культуратын туйгуна Афанасий Татаринов), Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Аппааны сэлиэнньэтин «Чороон» норуот айымньытын киинин «Дуорай» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Саргылана Пономарева, концертмейстер СӨ култууратын туйгуна Ариан Васильев),  «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна импровизатор-хомусчут Сахая Бускарова (салайааччы Мария Григорьева-Маайа), «Ай-ыллаа» вокальнай ансаамбыл (салайааччы Ирина Винокурова), Максим Кирович Аммосов төрөөбүт нэһилиэгиттэн —  Хатырыктан эдэр, эрчимнээх «Махсыым уолаттара» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччы – Иннокентий Татаринов),

Көбөкөн нэһилиэгин талааннаах ыччаттара Виктория Исакова, Михаил Слепцов, быйылгы «Муус устар» ыччат фестивалын иитинэн ыытыллыбыт «СулуСтар» проект полуфиналиһа Анна Тытыгынаева-Нестерева, быйылгы «Туой хайа» өрөспүүбүлүкэтээҕы ырыа конкурсун анал аатын хаһаайына Сайдам Мухин, Түбэ нэһилиэгиттэн төрүттээх Анюта Григорьева, ураты күүстээх куоластаах, «Ньургуһун» народнай хор солиһа Артем Тюкянов, Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Кыһыл Дэриэбинэтиттэн Роман Николаев кыттыыны ыллылар. Тэрээһин быыһыгар нэһилиэктэр баһылыктара көрөөччүлэргэ кэһии гынан аҕалбыт күндү астара киирии билиэтинэн оонньоннулар, 38 көрөөччү өттүк-харалаах, илии тутуурдаах буолан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Өрө көтөҕүллэр дьоһун суолталаах киэһэ бүтүүтэ  Наммыт киэн туттар ырыаһыта, мелодист, СӨ туйгуна Афанасий Татаринов «Биир сомоҕо» диэн саҥа ырыатын толоруутун «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын ыччатын бөлөҕө уонна Александр Окоемов аатынан «Мичээр» оҕо үҥкүү народнай коллектива үҥкүүнэн киэргэттилэр. Ону сэргэ, Нам улууһун  бары нэһилиэктэрин баһылыктара былаахтарын өрө тутан киирдилэр, сценаны кыттааччылар бары толордулар. Көрөөччүлэр сүһүөхтэригэр туран хабыллар ытыстарын тыаһыгар махтал уонна ахтылҕан иэйиилээх ис-сүрэхтэн үөрүү, санаа көтөҕүллүү долгуна хамсаата.

Кэнсиэри туруордулар — А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Елена Заровняева уонна режиссер, СӨ култууратын туйгуна Алла Максимова.  Иилээн-саҕалаан ыыттыылар —  биир дойдулаахтарбыт, өрөспүүбүлүкэ бары сөбүлээн истэр-көрөр ыытааччылара  Индира Софронова, Георгий Белоусов, Александр Дьяконов.

Бу күн ыытыллыбыт тэрээһиннэр сүрүн соруктара — анал байыаннай дьайыыга Намтан барбыт саллааттарбытыгар өйөбүл, көмө буолууга туһаайылынна.  Аһымал кэнсиэртэн  киирбит үп барыта анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарбытын өйүүр фондаҕа туттарыллар. Барҕа махталбытын тиэрдэбит — бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар, айар куттаах дьоммутугар, тэрилтэлэр, түмсүүлэр салайааччыларыгар, өйдөөн-өйөөн кэлбит көхтөөх көрөөччүлэрбитигэр! Киэн туттабыт, айхаллыыбыт — ыалдьытымсах майгылаах, оһуор-чэчир чэлгитэр дьоһун-мааны  дьоннордоох, үүнэр-сайдар ыччаттаах, сырдык күҥҥэ, сарсыҥҥыга бигэ  эрэллээх, тулхатыйбат туруктаах тапталлаах Нам улууһунан. Инникитин даҕаны Эҥсиэли Хочотун киэҥ туоната бар дьону түмэ турдун!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять