22.11.2024

Муус устар 11 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр Наммыт улууһун кэрэ эйгэтин сайдыытын историятыгар өссө биир өрөгөйдөөх күн буолла — ССРС култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕирии систематын Бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун Ытык КиһитэТатьяна Андреевна Гурьева “Дьоһун саас кустуга” айар киэһэтэ көрөөччүлэригэр кэрэ бэлэх буолла. Татьяна Андреевна өр сылларга үлэлээн мунньуммут билиитэ-көрүүтэ түмүллэн, ис дууһатыттан ылсан үлэлиир, искусство кэрэ эйгэтин кистэлэҥин арыйар “Дьоһун саас кустуга” айар киэһэтигэр сырдык, үтүө өйдөбүлтэн саҕыллан тахсар, чугас дьонун биир идэлээхтэрин, доҕотторун түмэр үөрүүлээх түһүлгэтэ тэрилиннэ.

Татьяна Андреевна оҕо эрдэҕиттэн музыка алыптаах эйгэтигэр уһуйуллан, хормейстер идэтин баһылаан, күн бүгүнүгэр диэри талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик айар-тутар. Ол курдук, Намнааҕы оҕо искусстватын оскуолатыгар 1962 сылтан фортепиано преподавателынан айар үлэтин саҕалаабыта. ССРС саҕаттан, 51 сыл устата ыччат фестивалларыгар хор тэрийсэн, үүнэр көлүөнэни ырыа эйгэтигэр уһуйбута. Таһаарыылаах, киэҥ далааһыннаах үлэтин үгүс үрдүк наҕараадалара, ситиһиилэрэ туоһулууллар. Кэлин, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, Нам нэһилиэгин бэтэрээннэрин түмэн «Иэйии» түмсүүгэ хормейстердыыр. Бу түмсүү нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас ырыа күрэхтэригэр, фестивалларыгар өрүү көхтөөх кыттыыны ылар. Татьяна Андреевна билигин даҕаны «Иэйиитин» кытта бииргэ сылдьар.

Дьоро киэһэни «Иэйии» хора саҕалаата. З.П.Винокуров аатынан оҕо искусстватын преподавателлэрин оркестрын (сал. А. Федулова), СӨ туйгуна Николай Пестряков уонна Илья Новиков баяҥҥа доҕуһуолларыгар Суорун Омоллоон тылларыгар, Захар Винокуров музыкатыгар “Эйэ ырыата”, Суорун-Омоллоон тылларыгар, Иван Парников мелодиятыгар “Нам сирэ” ырыаларынан арылынна.
Учуутал үлэтэ түбүктээх, ол иһин үлэтэ түмүктээх. Татьяна Андреевнаны педагог быһыытынан сүрдээх мындыр, айар куттаах үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар улахан интириэстээх уһуйааччы быһыытынан билинэбит.

«Дьоһун саас кустуга» айар киэһэтигэр эдэриттэн эмэнигэр дылы ырыаҕа, үҥкүүгэ уһуйуллар дьоно-сэргэтэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Кыттыыны ыллылар: Нам улууһун бэтэрээннэрин «Иэйии» түмсүүтэ, «Иэйии» кулуубу төрүттэспит Василий Егорович Никонов, солистар Тамара Местникова, Роза Заровняева, Лидия Пестрякова, Мария Елисеева, Иннокентий Иванов, А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин ырыа ансаамбыла, Мария Григорьева-Маайа, Дмитрий Барабанов, З.П.Винокуров аатынан Намнааҕы Оҕо искусстватын оскуолатын «Ручеек» (сал. Н. Москвитина), «Радуга» (сал. О.Попова) үҥкүү коллективтара, «Ситим» үҥкүү коллектива (сал. Кэрэмэс Саргы), Үһүс көлүөнэ оскуолатын «Дьоһун саас» үҥкүү коллектива (сал. М.Слепцова).

Дьоро киэһэҕэ ыҥырыылаах ыалдьыттар «Нам улууһа” МТ баһылыга Ю.И. Слепцов, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыгын солбуйааччыта Т.Е. Охлопков, «Нам улууһа» МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын начальнига С.П. Ядрихинскай, «Нам улууһа» МТ бэтэрээннэрин Сэбиэтин председателя С.Д. Кобякова, З.П. Винокуров аатынан Оҕо искусстватын оскуолатын директора А.С. Афанасьев уонна коллектива, Татьяна Андреевна бииргэ алтыһар коллегата, доҕоро, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ И.А. Бубякин, Дьокуускайтан Народнай артыыска М.Е. Николаева, Народнай артыыска, саха бастыка арфиската Л.П. Новгородова, РФ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ С.М. Шестакова, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ Г.Г. Местников, «Туллук хаара» Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта А.Т. Замятин, «Ньургуһун» народнай хор хормейстера Е.А.Кутукова эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр. Улууспут Ытыктанар Киһитигэр — Татьяна Андреевнаҕа баҕарабыт кытаанах бигэ доруобуйаны, саппаҕырбат ыра санааны, үөрүү-көтүү аргыстаах дьоллоох олоҕу! Көхтөөх көрөөччүлэрбитигэр, кэлэн, ытыгылаан, дохсун ытыскыт тыаһын бэлэхтээн, концерт кыттааччыларыгар үөрүүлэрин үрдэппикитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять