Муус устар 8 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Дэгэрэҥ ырыаны айыы күрэһэ, Христофор Максимов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн үһүс төгүлүн А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр ыытылынна.
Уопсайа аҕыс дэгэрэҥ ырыаны айар ааптардар Дьокуускай куораттан, Амма, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Нам улуустарыттан кыттыыны ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ:
— Иннокентий Христофорович Максимов — РФ уонна СР доруобуйа харыстабылын туйгуна, Христофор Максимов улахан уола;
— Дмитрий Семенович Иванов — СР култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхо театырын артыыһа;
— Дмитрий Семёнович Санников — СР култууратын туйгуна, СР ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ, «Туллук» студия звукорежиссера, 2021с. ыыттыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Дэгэрэҥ ырыаны айыы күрэһин «Бастыҥ Дэгэрэҥ» кыайыылааҕа.
Күрэс түмүгэр бастыҥнар ааттаннылар:
— «КЫЛААН ЧЫПЧААЛ» — Чооруос Иванида, Дьокуускай куорат
— «БАСТАКЫ ҮРДЭЛ» — Афоима Решетникова, Чурапчы улууһа
— «ИККИС ҮРДЭЛ» — Егор Попов, Амма улууһа
— «ҮҺҮС ҮРДЭЛ» — Любовь Иванова, Нам улууһа.
Анал ааттары ыллылар:
— «Бастыҥ доҕуһуол» — «Туой иһит» төрүт дорҕоон бөлөҕө, сал. Руслан Захаров — Нам улууһа
— «Ааптар ырыатын бастыҥ толорооччу» Максим Григорьев, Амма улууһа
— «Саҥа тыын» Руслан Гоголев, Чурапчы улууһа
— «Саҥа сүүрээн» Абдумалики Холик, Үөһээ Бүлүү улууһа, ырыаны толордо Сайдам Мухин Нам улууһа
— «Үгэһи утумнааччы» — Егор Леонтьев, Нам улууһа.
Бириистэри туруордулар:
Христофор Максимов Фондата, Нам улууһа, А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, «Е.Г.Охлопков — Буоратай» аат. Фрунзе нэһилиэгин култууратын Киинэ, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө, «Туллук Хаара» мелодистар түмсүүлэрэ.
Бары кыттааччыларбытыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ, бириистэри туруорбут дьоммутугар — сэргэбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Дэгэрэҥ ырыаны айааччылар күрэс ааптара Мария Степановна Григорьева – Маайа дэгэрэҥ, дьиэрэтии ырыалары айар ааптар, толорооччу.
Бу курдук, көрөөччү санаатын үллэстэр: «М.С. Григорьева-Маайа – Намҥа фольклор ансаамбылларыгар биир дьоһун салайааччы, кылыһахтаах ырыа талааннааҕа, кыл музыканы тэрийээччи. Махтал бары кэрэ тэрээһиннэргэр, өбүгэ төрүт дорҕооннорун сөргүтээччигэ! Бу курдук, кэрэни кэрэһэлии, кэрэхсэтэ тур, этэҥҥэ буол, дьоллоох олоҕу дойдуга оҥорсус!»
Айаҥҥыт алгыстаах буоллун, саҕалааһыҥҥыт саппаҕырбатын, инникилээх, кэскиллээх буоллун диэн алгыспытын тиэрдэбит!