22.11.2024

Кулун тутар 27, 28 күннэригэр Уус-Алдан улууһун олоҥхоһута, ССРС суруйааччыларын чилиэнэ Дмитрий Михайлович Говоров — Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Куйуур олоҥхото” бэстэбээл икки күн устата Уус-Алдан улууһугар  ыытылынна.

Олоҥхону сэҥээрэр, тарҕатар эдэр ыччаттар СӨ араас улуустарыттан кэлэн икки күн устата олоҥхолоотулар. Ол курдук, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Үөһээ-Бүлүү, Таатта, Уус-Алдан, Амма, Бүлүү. 7 улуус бастыҥ олоҥхону толорор ыччаттара күөн көрүстүлэр.

Нам улууһуттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһа Вера Цыпандина, Ньургустаана Лебедева, Түөлбэ эбии үөрэхтээһин Оҕо Киинин фольклорга уһуйааччыта, импровизатор хомусчут – Сахаайа Колодезникова кыттыыны ыллылар.

Күрэс  иккис күнүгэр импровизатор хомусчут – С. Колодезникова хомуска маастар кылаас ыытта. Бэстэбээл кыттыылаахтарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, СӨ Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Аан дойду эпостара” норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация вице-президенэ, биир дойдулаахпыт А.Н. Жирков, филологическай наука доктора, олоҥхону чинчийэччи, профессор, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ В.В. Илларионов эҕэрдэлээтилэр. 7 улуус олоҥхону толорооччулара тута муста түһээт 12 буолан 35 мүнүүтэҕэ куолаан олоҥхо толорон иһитиннэрэн дьон биһирэбилин ыллылар, тэрээһини киэргэттилэр.

Бэстэбээл түмүгүнэн: Нь. Лебедева (сал. В.Цыпандина) “Кылыһах ырыалаах олоҥхоһут” Анал аат, С. Колодезникова “Бастыҥ Ноо-һут” Анал аат, В. Цыпандина “Бастыҥ Ноо-һут” Анал аат кыайыылаахтарынан буоллулар.

Кыайыы көтөллөөх кыргыттарбытыгар баҕарабыт айымньылаах үлэни, өссө да үрдүк ситиһиилэри!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять