25.11.2024

Кулун тутар 24 күнүгэр,  Дьокуускайдааҕы «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр оҕолорго аналлаах «Эҕэрдэ, сандал саас!» фольклор көрүҥнэригэр күрэс түһүлгэтэ буолан ааста.

Кэбээйи, Нам, Таатта, Амма улуустарыттан, Дьокуускай куораттан  90-тан тахса фольклору сэҥээрэр, үөрэтэр дьоҕурдаах, талааннаах оҕолор күөн көрүстүлэр. Нам улууһуттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһа Вера Цыпандина «Дьэргэлгэн» оҕолор бөлөхтөрүн уонна Злата Исакованы кытыннарда.

Күрэс сыала-соруга: саха норуотун духуобунай баайын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, үйэтитии, харыстааһын, норуот уус-уран айымньытын толоруу үгэстэрин үүнэр көлүөнэҕэ  тиэрдии, кыттааччылар толорор маастарыстыбаларын үрдэтии, норуот уус-уран айымньытын көрүҥнэрин толорууга саҥа ааттары арыйыы, дьоҕурдаах оҕолору булуу, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир «Күн дьоно» ансаамбыл салайааччыта, тойуксут, фольклорист Павлова Евдокия Ивановна, импровизатор, хомусчут Самсонова Галина Михайловна, Арчы дьиэтин уус-уран салайааччыта Константинова Любовь Радиковна.

Күрэс түмүгүнэн «Дьэргэлгэн» бөлөх «Бастакы Үктэл», Злата Исакова «Дьиэрэйэр тойук» Анал аат кыайыылаахтарынан буоллулар.

Кэлэр кэнчээри оҕолорбутугар баҕарабыт инникитин үрдүк ситиһиилэри!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять