25.11.2024

Кулун тутар 15 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, биһиги саллааттарбытыгар көмө буолар аналлаах Марафон буолла. Манна улууспут тэрилтэлэрэ, нэһилиэктэрэ кыттыны ыллылар, тус кылаттарын ааҕар хамыыһыйаҕа туттардылар. Тэрээһини «Нам улууһа» МТ баһылыга  Юрий  Слепцов арыйда. Нам улууһун тимир уустарын түмсүүтэ анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар уолаттарбытыгар анаан охсубут алгыстаах быһахтарын туттарда. «Буойун» түмсүү салайааччыта Павел Оконешников эрчими, санааны түһэрбэккэ, уолаттарбытыгар күүс-өйөбүл буола сылдьарга ыҥырда. Көрөөччүлэргэ анаан Нам улууһун уус-уран самодеятельнаһа көхтөөх кыттыыны ылла. I-Хомустаах, II-Хомустаах, Партизан, Хамаҕатта, Нам, Аппааны, Бөтүҥ, Модут, Хатырык нэһилиэктэрин айар куттаах олохтоохторо, И.С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1№ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж студеннара  уоттаах-күөстээх ырыаларын анаатылар, дьэрэкээн үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр, уус-уран тыллаах айымньылартан аахтылар. А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин аатыттан, бу тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт улууспут талааннаах дьонугар: Мичил Иннокентьевка, Анастасия Ядрихинскаяҕа, Аэлита Матаннановаҕа,  үгэ аахпыт Вадим Афанасьевка уонна Миша Петровка (сал. Татьяна Гаврильева),  Иннокентий Яковлевка, Петр Машниковка, Степан Петровка, Ирина Винокуроваҕа, Афанасий Татариновка,  И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын 2″б» кылааһын үөрэнээччилэрин ырыа ансаамбылыгар (кыл.сал. Марианна Рожина),  «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективыгар (хормейстер Елена Кутукова, балетмейстер Мария Попова, концертмейстер Ирина Семенова),  «Үргэл» үҥкүү коллективыгар (сал. Римма Татаринова), Бөтүҥ эр дьонун ырыа ансаамбылыгар (сал. Ирина Винокурова), «Махсыым уолаттара» Хатырык нэһилиэгин ыччаттарын ырыа ансаамбылыгар (сал. Иннокентий Татаринов), И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж студеннарын «Айылҕан» үҥкүү ансаамбылыгар (сал. Мария Попова), култуура дьиэлэрин уонна үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар барҕа махталын тиэрдэр. Инникитин даҕаны бииргэ тутуспутунан, ханнык да түгэннэргэ өйөһө, ситэрсэ сылдьыахпыт диэн эрэллээхпит.

Үүнэр көлүөнэбит кэскилэ кэхтибэтин!

Үйэлээх норуоппут энчирээбэтин!

Саха буолан сандааран

Саргылаах олоххо түмсүөҕүҥ!

Наммыт улууһун дьоно-сэргэтэ, ыччата, хас биирдиибит кылаата анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар уолаттарбытыгар улахан өйөбүл буоларын  өйдөөн туран, бу марафоҥҥа кулун тутар ый устатын тухары көхтөөх кыттыыны ылыаҕыҥ диэн ыҥырабыт!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять