25.11.2024

Эдэр саас көччүйэр

Дьол таптал тэнийэр

Эҥсиэли Хочото

Кыыс кэрэ — Нам сирэ

Кулун тутар 7 күнүгэр А. Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтигэр  СӨ култууратын туйгуна, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун, Ленскэй, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтоҕо, ырыаһыт, ырыа айааччы, “Туллук хаара” Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Терентьевич Замятин, “Кыыс кэрэ Нам сирэ” айар киэһэтэ буолан ааста.

Андрей Терентьевич айар киэһэтигэр дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустубуттар. Олор ортолоругар биир идэлээхтэрэ, биир  дойдулаахтара, аймах-билэ дьоно, айар куттаах доҕотторо-атастара бааллар.

Кэнсиэри «Ньургуһун» народнай хор (сал. ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ Е.А.Кутукова) толоруутугар,  Ю.Потапов-Саргын тылларыгар, А.Замятин мелодиятыгар «Чэчирии чэлгийэр — Нам сирэ» ырыанан арылынна.

Бу киэһэҕэ вокальнай ансаамбыллар, биирдиилээн толорооччулар  араас кэрэ ырыалара ылланнылар. Ону тэҥэ,  үҥкүүнэн «Ручеек» образцовай оҕо үҥкүү коллектива (сал. СӨ култууратын туйгуна Н.Москвитина), И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж «Айылҕан» үҥкүү коллектива, «Ньургуһун», (сал. СӨ култууратын туйгуна М.Попова) уонна «РетроДанс» (сал. СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ Л.А.Андросова) народнай үҥкүү ансаамбыллара киэргэттилэр.

Көрөөччү-истээччи биһирэбилин ылбыт Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын солиһа, СӨ народнай артыыһа Александр Емельянов,  «Дьүөгэлэр» народнай вокальнай ансаамбыла (сал. Е.А. Кутукова), “Добун ” эр дьон вокальнай ансаамбыла (сал. СӨ култууратын туйгуна А.Татаринов), «Дуорай» эр дьон вокальнай ансаамбыла (сал. СӨ култууратын туйгуна С.Пономарева), «Намыына» вокальнай ансаамбыла (сал. СӨ кулутууратын туйгуна С.Охлопкова), «Уйгу» вокальнай ансаамбыла (сал. Л.Левина), «Махсыым уолаттара» эр дьон вокальнай ансаамбыла (сал. И.Татаринов), СӨ Ис дьыала министерствотын «Служба 02» вокальнай ансаамбыла (сал. СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, полиция майора Ю.Асекритова), Николай Жирков, Татьяна Гаврильева, Николай Протопопов, Люция Бандерова – Айыллаана, Ирина Иванова, Петр Попов, Дмитрий Барабанов, Николай Поскачин, Андрей Терентьевич төрөппүт кыыһа Анджела Замятина  ылбаҕай ырыаларын  бу сааскылыы сайаҕас дьоро киэһэҕэ көрөөччүлэргэ  бэлэх ууннулар.

Кэнсиэр Нам улууһун Гимнинэн кэриэтэ ылланар  Ю.Потапов-Саргын тылларыгар, А.Замятин мелодиятыгар «Кыыс кэрэ — Нам сирэ» ырыанан түмүктэннэ.

Киэһээни иилээн-саҕалаан ыыттылар —  «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ыытааччыта, биир дойдулаахпыт Георгий Белоусов уонна А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин методиһа Мария Петрова.

Айар үлэҕэ бииргэ алтыһар доҕорбутугар Андрей Терентьевичка үбүлүөйдээх айар киэһэтинэн коллектив төлөннөөх эҕэрдэтин тиэрдэр. Өссө даҕаны ураты кэрэ ырыалар айылла турдуннар! Тус бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилэри, дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

1 thought on “Ырыа бэлэхтээх дьоро киэһэ

  1. Эҕэрдэ Андрей Терентьевичкэ уонна тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга барҕа махтал! Наһаа үчүгэй кэнсиэри көрдүбүт. Бииртэн-биир үчүгэй үҥкүү, ырыа иһиттибит, көрдүбүт!

Comments are closed.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять