25.11.2024

А. Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтэ Нам улууһун культураларын тэрилтэлэригэр үлэ  хайысхаларынан методическай көмө оҥорон саҕалаата. Ол курдук, кулун тутар 6 күнүгэр фольклорга специалист Вера Прокопьевна Цыпандина уонна светооператор Симонд Русланович Сивцев Салбан нэһилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын киинигэр  методическэй көмө оҥордулар.

— «Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалистара Салбан нэһилиэгин кулуубугар кэлэн буолаары турар улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалыгар сүбэ-ама биэрдилэр. Фольклор жанрыгар Вера Прокопьевнаттан үгүс быһаарыллыбатах боппуруостарбытыгар эппиэт, сүбэ-ама ыллыбыт. Симонд Русланович уоппутун-күөспүтүн оҥорон, установкалаан барда. Бу курдук көмө, өйөбүл баара олус үчүгэй — биир күн иһигэр хас да сыл мөлтөхтүк турбут уоппут-күөспүт тупса, сырдыы түстэ.

А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директорыгар Николай Михайловичка, кураторбытыгар Анисия Андреевнаҕа көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка тустаах специалистары ыыппыккытыгар, коллегарбытыгар Вера Прокопьевнаҕа, Симонд Руслановичка кэлэн күүс-көмө буолбуккутугар махталбытын тиэрдэбит.» — диэн Г.И. Кривошапкин аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинин директора Касьянова А.А. санаатын эттэ.

1 thought on “Культураҕа метод күн

  1. Маладьыастар! Улууспут киин культурата тыа тэрилтэлэрин маннык өйүү, көмөлөһө, ыкса ситимнээхтик үлэлии турдун! Таһаарыылаах үлэни!

Comments are closed.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять