22.11.2024

Олунньу 24-25 күннэригэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин Гостинай саалатыгар «Өбүгэ быстыбат ситимэ» XII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклор бэстибээлэ буолан ааста. Киэҥ далааһыннаах тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, научнай-методическэй үлэҕэ уонна тас дойдулары кытта сибээскэ Олоҥхо Киинэ, Олоҥхо Тыйаатыра норуот ырыата, тойук, чабырҕах, хомус, тыыннаах доҕуһуол үгэс быһыытынан толоруллар эйгэтин кэҥэтэр сыаллаах ыыттылар. Манна оҕо чөмчүүк сааһыттан аҕам сааһыгар тиийэ фольклору сэҥээрээччилэр, уопсайа 100-тэн тахса кыттааччы араас улуустартан кыттыыны ыллылар.

Нам улууһун аатыттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустаҕы норуот айымньытын дьиэтин «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна «Сарыада» фольклорнай ансамбыл кытыннылар. Тыыннаах доҕуһуолунан «Сарыада» ансаамбыл «Сибэкки» норуот ырыатын толорон, бөлөхтөргө 3-с истиэпэннээх Лауреат (салайааччылар Маайа Григорьева, Туяра Петрова) буолла. Импровизатор хомусчут, «Түөлбэ» оҕо киинин «Дьүрүскэн» фольклорнай бөлөҕүн уһуйааччыта Сахаайа Владимировна Колодезникова хомуска уонна «Туруйа Туккуута» Юрий Потапов-Саргын тылларыгар, Маайа Григорьева матыыбыгар дэгэрэҥ ырыаҕа биирдиилээн толорооччуларга 2-с истиэпэннээх Лауреат, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин уһуйааччыта Ирина Степановна Каратаева «Нам кылыһах» доҕуһуолунан, Маайа Григорьева «Уустарга, маастардарга» айбыт дэгэрэҥ ырыатынан  3-с истиэпэннээх Лауреат, Мария Степановна Григорьева «Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор» айбыт ырыатынан 1-кы истиэпэннээх Лауреат, Ньургустаана Лебедева Вера Цыпандина айбыт «Аммосов Махсыыммыт» тойугун туойан «Истээччи биһирэбилэ» анал аат наҕараадаларыгар тигистилэр.

Бу курдук, быйылгы сыл саҕаланыытыттан саха норуотун уус-уран айымньытыгар номнуо ситиһиилэр сэргэстэстилэр. Наммыт улууһун фольклора тэнийдэр тэнийэн, сайдан, сэҥээрээччилэр кэҥээн истиннэр диэн баҕа санаабыт туоллун, сорукпут ситтин.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять