25.11.2024

Үтүө үгэскэ кубулуйбут

уус-уран самодеятельность фестивала саҕаланна

Олунньу 21 күнүгэр Нам улууһун култууратын үлэһиттэригэр анаан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин специалистра семинар ыыттылар. Вокал көрүҥэр «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын хормейстера Кутукова Е.А, «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбылын салайааччыта Барабанов Д.Н., театр көрүҥэр Намнааҕы народнай театр режиссердара Новиков И.С., Герасимов Р.А., хореография көрүҥэр «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын балетмейстера Попова М.С. улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалын балаһыанньатын ирдэбиллэринэн сиһилии быһаардылар. Семинарга 20 Нам улууһун кулуубун специалистара кэлэн кыттыыны ыллылар. Тэрийээччилэр уонна истээччилэр тустаах үлэ хайысхатыгар сүбэ-ама, көмө ылан, уопут-атастаһан, саҥа туруорууга иэйии уһуктан, астынан тарҕастылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять