Олунньу 21 күнүгэр Дьокуускай куорат культурнай-сынньалан кииннэрин салайааччылара, специалистара Нам улууһугар кэлэн үлэ уопутун үллэстэн, санаа атастаһан бардылар. Ол курдук, күн бастакы аҥара «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» МТ «Чороон» Норуот айымньытын Киинигэр ыытылынна. Манна, директор Саргылана Даниловна Пономарева уонна үлэһиттэрэ кэлбит ыалдьыттары истиҥник көрүстүлэр, саҥа дыбарыас устун экскурсиялаатылар. Куорат таһынааҕы Хатас, Марха, Жатай, Табаҕа, Тулагы, Сыырдаах, Киллэм култуурнай кииннэр бэйэлэрин үлэлэрин туһунан сырдаттылар. Ыкса кэпсэтиигэ үлэ харгыстарыттан кэккэ ыйытыылар киирдилэр, хоруйдар этилинниллэр.
Күн иккис аҥара Намнааҕы модельнай оҕо библиотекатыгар «ПРО-культура» сайт нөҥүө «Пушкин каартатын олоххо киллэрэн сөпкө туһанарга үөрэтии, санаа атастаһыыта буолла. Бу тэрээһини Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот аыймньытын киинин дириэктэрин солбуйааччыта Ньургуйаана Егоровна Ушницкая иилээн-саҕалаан ыытта.