26.11.2024

Олунньу 17 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалистара Григорьева Мария Степановна, Цыпандина Вера Прокопьевна көҕүлээһиннэринэн Нам улууьун фольклору сэҥээрээччилэригэр анаан «Төрүт дорҕоон» семинар ыытыланна.
Манна ыҥырыллан, кыттыыны ыллылар: М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж Төрүт култууратын толорор ньыманы уһуйуу салаатын салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Элеонора Соколова, импровизатор хомусчут, СӨ култууратын туйгуна Артур Семенов -Тоҥ Саха, импровизатор хомусчут, Л. Турнин стипендиата Надежда Варламова, СӨ үтүөлээх артыыската, Аан дойду виртуоз хомусчута Варвара Степанова – Арчыына.
Ол курдук, кыттааччылар сөпкө тыыныыга, сахалыы ырыаҕа-тойукка, хомуска оонньуурга үөрэннилэр. Ону таһынан, түөлбэ-түөлбэ араас оһуохайын уратыларын туһунан иһиттилэр уонна толоруу ньыматыгар холонон көрдүлэр. Бириэмэ олус тургэнник биллибэккэ ааста, хас биирдии кэлбит кыттааччы бу семинартан эбии билии, уопут ылан тарҕастылар.
Барҕа махталбытын тиэрдэбит М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж төрүт култуураны толорор ньымаларыгар уһуйааччыларыгар, ону тэҥэ, кэлэн кыттыыны ылбыт улууспут нэһилиэгин фольклор специалистарыгар, биирдиилээн сэҥээрээччилэригэр.
Өссө да инникитин күүс — көмө буолуоххут диэн эрэнэбит, таһаарыылаах үлэни, тус олоххутугар дьолу баҕарабыт!

Фольклор специалистара:
Григорьева М.С.- Маайа, Цыпандина В.П.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять