22.11.2024

Кэллим дойдубар, эһиэхэ — бар дьоммор!
Эҕэрдэ кэһиилээх, ырыа бэлэхтээх,
Кэллим таптыыр, ахтар Эҥсиэлибэр
Истиҥ көрөөччүбүн үөрдээри!

Олунньу 18 күнүгэр А.Ф. Шестаков атынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын хормейстера Елена Александровна Кутукова көҕүлээһининэн, үтүө үгэскэ кубулуйбут «Эҥсиэли уолтаттара ыллыыллар» эҕэрдэ кэнсиэрэ буолан ааста.

Сааланы толору кутуллан кэлбит көрөөччүлэрбит хабыллар ытыстарын тыаһынан хас биирдии ырыаһыты эҕэрдэлии көрүстүлэр. Ол курдук, ылбаҕай ырыаларынан Михаил Иннокентьев, Иван Васильев, Сайдам Мухин, Петр Попов, Илларион Пестерев, Владимир Власов, Дмитрий Барабанов, Кирилл Матвеев, Артем Тюкянов, Михаил Слепцов, «Махсыым уолаттара» (салайааччы — Иннокентий Татаринов) уонна «Добун» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччы — Афанасий Татаринов) кытыннылар, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр.Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр аналлаах ырыа куттаах эр дьону биир түһүлгэҕэ түмэн, чөллөркөй куоластары чочуйан, көрөөччү-истээччи киэҥ биһирэбилигэр таһаарар «Эҥсиэли уолтаттара ыллыыллар» проект саха уолаттара тулуурдаах, дьулуурдаах буоллуннар, дойду үтүө аатын ааттата турдуннар диэн туран, быйыл 7-с төгүлүн ыытылынна. Сылын ахсын манна саҥа ырыалар, саҥа ааттар сүрэхтэнэллэр.

А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин аатыттан директор Николай Михайлович Жирков проект ааптарыгар Елена Александровнаҕа сибэкки дьөрбөтүн кытта итии-истиҥ махтал тылларын эттэ уонна хас биирдии кыттааччыга анаан проект анал бирииһин уонна махтал суруктарын туттарда.

Көхтөөх көрөөччүлэрбит, бу курдук, куруутун сааланы толору кэлэргитигэр, Нам сиригэр кэрэ эйгэ тэнийэригэр төһүү күүс буоларгытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять