26.11.2024

Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ.  Саха норуотун уус тылынан баай Улуу Олоҥхото ЮНЕСКО ылыммыт эбийиэктэрин тиһигэр 2005 сыллаахтан киирбитэ.  

Өбүгэлэрбит улуу айымньыларын, олоҥхоҕо хаалларбыт мындыр өйдөрүн кэнчээри ыччаттарга тириэрдэр соруктаах, Нам улууһун «Эҥсиэли оһуокайа» түмсүү  салайааччыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуокай этээччитэ, ыччат муҥха олоҥхотун муҥутуур кыайыылааҕа, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин үлэһитэ, «Дьэргэлгэн», «Ай-тыл» айар бөлөхтөр салайааччыта Вера Цыпандина-Харыстаана Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторугар олоҥхолоон, көрөөччүлэр сөҕө-махтайа сэҥээриилэрин ылла.  

Салгыы, Дьокуускай куорат Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн киэҥ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла. Ол курдук, 4 «а»  кылаас үөрэнээчилэрэ кэрэ кэпсээн кэһиилээх олоҥхо тойугун бука бары олбохторугар  чуумпуран олорон иһиттилэр. Ону таһынан, Харыстаана кылыһах таһаарар маастар-кылааһыгар көхтөөхтүк кытыннылар.

Олоҥхону сэҥээрээччилэр күнтэн-күн үксээн иһэллэрэ үөрдэр. Вера Цыпандина-Харыстаана Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар ыалдьыттаата уонна Нам олоҥхоһута Егор Герасимович Охлопков-Буоратай «Алантай Боотур» олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ. 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять