Нам улууһуттан Маайа Григорьева салайааччылаах «Нам Кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн кыттааччыта, И. Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж преподавателя, маастар Андрей Осипов өрөспүүбүлүкэҕэ кылыһах-кырыымпаны оҥорооччуларга “Мас уустарын тойуга” күрэх кыайыылааҕа буолла. Кини оҥорон таһаарбыт кэрэ көстүүлээх, сахалыы туойар кыл кылыһахтарыгар өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар элбэх киһи билигин оонньуур. Маастар эрэ буолбакка, кини өссө толорооччу, уһуйааччы. Кинини кытта тэҥҥэ “Нам Кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕөр айа-тута сылдьар биир идэлээҕэ, биир санаалааҕа Руслан Захаров экспертар сыанабылларынан 3 миэстэҕэ таҕыста. Кини оскуола оҕолорун Хамаҕаттаҕа үөрэтэр, саха төрүт дьарыгар ыччаты сыһыарар. Руслан Афанасьевич “Мас уустарын тойуга” күрэххэ кылыһах кырыымпаны оҥорууну сэргэ, саха ох саатыттан ытыыга кытынна.
Бу курдук, үлэттэн, күннээҕи түбүктэн быыс булан, кэлэн дьарыктанан, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кыттан, саха төрүт үгэһин, мындыр идэтин чинчийиигэ, сөргүтүүгэ, тарҕатыыга үлэлэһэ сылдьар Андрей Осиповка уонна Руслан Захаровка эҕэрдэ буоллун уонна киэн тутта махталбытын тиэрдэбит — Нам улууһун үтүө аатын ааттатан, саҥа арыйыылары, ситиһиилэри баҕарабыт!
Тэрээһин туһунан сиһилии https://aartyk.ru/sakha/saxa-t%d3%a9r%d2%aft-dor%d2%95oonun-k%d2%afre%d2%95e/ киирэн ааҕыаххытын сөп.