Саха киһитэ барахсан оһоҕун иннигэр олордо да олоҥхоһут, оҕуһун мииннэ да ырыаһыт диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха норуотун духуобунай баайа — ОЛОҤХО.
Кулун тутар 30 күнүгэр, Дьоллоох Дьокуускай куоракка, Олоҥхо толоруллуутун үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, тарҕатар сыаллаах ыытыллар «Уруйдан, Улуу олоҥхобут» олоҥхону толорооччулар күрэстэрэ, улахан дьоҥҥо, IX төгүлүн, Арчы Дьиэтигэр үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Күрэскэ 12 бөлөҕүнэн, 30 биирдиилээн толорооччулар, араас улуустартан барыта сүүстэн тахса кыттааччы чулуу олоҥхоһут аатыгар кииристилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр
1. Илларионов Василий Васильевич – Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, СӨ билимин Үтүөлээх деятеля, РФ үрдүк үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, олоҥхону үөрэтээччи, фольклорист. Тыл үөрэҕин билимин доктора, профессор, ХИФУ норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклор кафедратын сэбиэдиссэйэ;
2. Протодьяконова Елена Николаевна – Былатыан Ойуунускай аатынан Бириэмийэ лауреата, РФ үөрэҕириитин туйгуна. Научнай методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр специалиһа;
3. Толбонова Надежда Семеновна – СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куораттааҕы “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин консультативнай сэбиэтин председателя;
4. Исаков Валентин Гаврильевич — Норуот ырыаһыта, өрөспүүбүлүүкэ олоҥхоһута, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ Үтүөлээх артыыһа, Аан дойду таһымнаах Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл, куоҥкурус хас да төгүүллээх кыайыылааҕа, Үөһээ Дьааҥытааҕы Олоҥхо Ыһыаҕын «Кылаан чыпчаал» бириис хаһаайына, Ил Дархан 2022-23 сс Олоҥхоҕо стипендиата;
5. Боппоенова Мария Гаврильевна – СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куораттааҕы А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжын преподователя;
6. Корякин Артем Николаевич – СӨ култууратын туйгуна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин сүрүннүүр специалиһа, Дьокуускай куораттааҕы “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин консультативнай сэбиэтин чилиэнэ;
7. Захарова Агафья Еремеевна – Олоҥхону чинчийээччи, Олоҥхо киинин салайааччыта, филология билимин хандьыдаата.
Уһун тыҥааһыцннаах киирсии кэнниттэн, дьүүллүүр сүбэ уопсай түмүккэ кэллэ:
Кылаан чыпчаал – Христофоров Анатолий Николаевич. Чурапчы улууһа. Мырыла нэһилиэгэ
Бастакы бөлөххө биирдиилээн толорооччуларга:
I Үрдэл – Кириллина А.М. (Амма улууһа)
II — Үрдэл – Эконова Н.И. (Сунтаар улууһа)
Цыпандина Вера Прокопьевна (Нам улууһа)
III –Үрдэл – Харлампьева К. П. (Бүлүү улууһа)
Спиридонов Г.В. (Таатта улууһа)
Толстоухов Ю.С (Таатта улууһа)
Иккис бөлөххө – Бөлөҕүнэн толоруу:
I -Үрдэл – «Дьолуо» ансаамбыл (Таатта улууһа)
II — Үрдэл – “Дьохсо5он” ансаамбыл (Таатта улууһа)
III -Үрдэл – “Утум” ансаамбыл (Сунтаар улууһа)
Анал ааттар:
«Эдэр толорооччулар» — «Ай-тыл» бөлөх (салайааччы Вера Цыпандина, Нам улууһа)
«Түөлбэ олонхотун толорооччу” – Степанова А.Н. (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) уонна Кладкин С.Ф. (Таатта улууһа)
“Олонхону бастын бэйэ айыыта” – Макарова И.И. (Сунтаар улууһа)
“Көрөөччү биһирэбилэ” – Романова А.Я.
“Дьүрүскэн куолас”- Яковлева А.А. (Сунтаар улууһа)
“Уран тыллаах толорооччу” – Цой Л.К. – (Таатта улууһа)
“Саҥа аат” – Софронова А.И. (Хатас бөһүөлэгэ)
“Дьиэ кэргэнинэн дьоһун толоруу” – Орловтар дьиэ кэргэттэрэ (Амма улууһа)
“Бастын уһуйааччы” – Алексеева Д.Е. (Горнай улууһа)
“Эдэр толорооччу” – Шестаков А.В. (Таатта улууһа)
«Бастын олонхо ырыатын толорооччу» — Егорова М.Р. (Таатта улууһа)
«Бастын бэйэ айыыта» — Дьячковский Н.Р. (Чурапчы улууһа)
«Ытык олонхоьут» — Попов А.Н. (Таатта улууһа)
«Кэрэхсэтэр толорооччу» — Борисова В.А. (Амма улууһа)
«Ыллам ырыалааах толорооччу» — Соколова В.Н. (Дьокуускай куорат).
Бу курдук, саха омук ийэ тылын тута сылдьааччылар — олоҥхону толорооччулар үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэн, ыччаты уһуйан, анаан дьарыгырар дьоҕурдарын эрчийэн, киэҥ түһүлгэҕэ тааһаараллара олус кэрэхсэбиллээх. Саха саҥата үрдүк куйаарга дуорайдын диэн туран, биир идэлээхтэрбитин, Нам улууһун хомоҕой тыллаах талааннаах дьоммутун — Вера Прокопьевна Цыпандинаны уонна кини салайар «Ай-тыл» бөлөххө эҕэрдэ! Айар талааҥҥыт аартыктара куруук аһаҕас буоллуннар, саҥа ситиһиилэргэ кынаттаатыннар!