22.11.2024

         Дойдуга Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, олунньу 27 күнүгэр,  А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин үрдүк сыанатыгар «Миссис Эҥсиэли – 2024» эдэр ийэлэр конкурстара үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Тоҕус кэрэ кыттааччы дьоһуннаахтык ылсан бэлэмнэммиттэрин  көрөөччүлэрбит астына, дуоһуйа көрдүлэр. Бу проект А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна искусство колледжын 2-с курсун устудуьуона Николай Михайлов практикатын түмүктүүр тэрээһинэ. Николайга бу маҥнайгы сүрэхтэниитэ буолар. Тематын талан, чопчу туох үлэ барыытын былааннаан, кыттааччылары, спонсордары кытта кэпсэтэн, тэрээһин киэҥ биһирэбиллээхтик ыытылларын ситистэ. Практикатын салайааччыта — Роман Герасимов, Намнааҕы народнай театр режиссера. 

Хас биирдии түһүмэххэ кыттааччы кэрэ ийэлэр олус үчүгэйдик бэлэмммиттэр. Тус бэйэлэрин билиһиннэрэр уран нарын куоластара, көрүөхтэн кэрэ таҥастара, сөҕүмэр талааннара, авангарднай көстүүмнэрэ, ийэлии амарах, кэргэннии истиҥ санаалара, асчыт быһыытынан сатабыллара уонна чаҕылыҥнас киэһээҥи былаачыйалара көрөөччүлэри  долгуттулар, ытыс хабыллар тыаһын харыстаабакка, ньиргиэрдээхтик эҕэрдэлии көрүстүлэр. 

Эдэр ийэлэрбитин сэттэ түһүмэх ирдэбилинэн дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ: А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин директора Николай Жирков, Норуот маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна,  И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж «Сардаана» мода-театрын төрүттээччитэ Зинаида Понохова, «ЛАЙВ» профессиональнай фотостудия салайааччыта, фотограф Мария Гаврильева, Нам улууһун «Дьахтар сэбиэтэ» общественнай түмсүү салайааччыта Ирина Находкина, И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж «Сардаана» мода-театрын салайааччыта Айталина Барашкова

Бииртэн биир кэрэ, олус ураты умнуллубат өрөгөй кыымнаах күүтүүлээх күрэх түмүгүнэн: 

«МИССИС ЭҤСИЭЛИ-2024»  Агния ЯКОВЛЕВА, З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуола алын кылааһын учуутала;

«Миссис Популярность», «Миссис зрительских симпатий»Айыына ВАСИЛЬЕВА, клиеннары кытта үлэлиир Сбербанк старшай менеджера;

«Миссис Грация» — Розалия АФАНАСЬЕВА ,Нам 5 нүөмэрдээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитээччитинэн үлэлиир;

«Миссис Творческая натура» — Нария САВВИНА, Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаанын иитээччитин солбуйааччыта;

«Миссис Элегантность» — Яна СИВЦЕВА, И.Е.Винокуров аатынан педагогическайколледж методиһа;

«Миссис Изящество» — Полина ЕФИМОВА, «Алгыс» Ноурот айымньытын Киинин «А.Н. Окоемов аатынан «Мичээр» норуодунай үҥкүү ансаамбылын костюмера;

«Миссис Очарование» — Аина ВАСИЛЬЕВА, Е.С. Сивцев-Таллан-Бүрэ аатынан оскуола педагог библиотекаря;

«Миссис Интеллект» — Варвара ПАХОМОВА, оройуоннааҕы Нам Киин  балыаһатын фельдшера, кэргэннээх;

«Миссис Стильность»Лариса НИКОЛАЕВА, З.П.Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искуствотын оскуолатын хореограва;

Улахан конкурс үрдүк таһымҥа ааһарыгар Нам улууһун 26 урбаанньыта  спонсор быһыытынан сүрүн күүс-көмө буолулар. Тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит! Инникитин даҕаны ыкса ситимнээхтик үлэлэһиэхпит, улууспут үтүө аатын ааттата туруохпут.

Сүрүн бириис 100 000 солкуобайдаах сертификаты А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтэ туруорда. 

«Миссис Эҥсиэли-2024» улуустааҕы конкурс бары номинаннарыгар, кыайыылаах Агния Яковлеваҕа  кэрэни кэрэһэлиир ситиһиилэринэн киэн тутта эҕэрдэлиибит!

Өрүүтүн даҕаны кэрэ сэбэрэҕит өссө киэркэйдин, сырдык мичээргит туланы симээтин, күүстээх тапталгыт чугас дьоҥҥутун кынаттаатын, Ийэ үрдүк аата  үйэлэргэ өрөгөйдөөтүн!

Умнуллубат дьоро киэһэни иилээн-саҕалаан ыытта Саха эстрадатын биир бастыҥ ыытааччыта Александр Максимов. Ону сэргэ, Посанш, Фиеста,  Николай Никифоров уонна Нам улууһун биир чаҕылхай, ураты күүстээх куоластаах ырыаһыта Ким Осипов ыллаан-дуоһутан, тэрээһини олус киэргэттилэр, тыҥаабыт түгэни сымнатан, тыын ыларга кыах буоллулар. 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять