Олунньу 22 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтигэр, үтүө үгэскэ кубулуйбут «Эҥсиэли уолаттара ыллыыллар» Нам улууһун эр дьонуттан кэрэ бэлэхтээх проект-кэнсиэр Нам үрдүнэн дуорайда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун Ытык киһитэ, самодеятельнай композитор, «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын хормейстера Елена Александровна Кутукова көҕүлээһининэн 8-с төгүлүн ыытылынна.
Быйылгы проект-кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар:
Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх, «ВОСХОД» Норуоттар икки ардыларынааҕы конкурс II истиэпэннээх Лауреата, саха эстрадатын артыыһа Милена Борисова «Көмүс түгэн», «Музыка для всех», Гаврил Слепцов ырыаларыгар «Төрөөбүт алааскын эн таптаа», «Созвездие талантов» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэхтэрин Гран-При хаһаайына, Бөтуҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ, оҕо эрдэҕиттэн ырыа аргыстаах Дьулурҕан Харитонов,
Хамаҕатта нэһилиэгиттэн төрүүттээх, Е.М. Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын английскай тыл учуутала, Г.И. Кривошапкин аатынан «Эйгэ» норуот айымньытын Киинин уус-уран салайааччыта, Нам улууһугар 2022, 2023 сыллардааҕы Уус-уран самодеятельнас фестиваалыгар солистары көрүү күрэх икки төгүллээх кыайыылааҕа, олохтоох ааптар Василий Ушницкай-Сэки айымньыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин Лауреата, эдэр дьиэ кэргэн амарах аҕата Дмитрий Местников,
Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо, 2023 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Планета искусств» фестиваль, «Славься, моя Якутия» өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль Гран-При хаһаайына, «Өбүгэ быстыбат ситимэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль «Айымньылаах толорооччу» номинация кыайыылааҕа, «Героическое наследие народа» өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай ырыа, «Созвездие талантов», Туймаада ыһыаҕын «Төрүт дорҕоон» күрэхтэрин Лауреата, П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин «Эдэр тэтим» фольклорнай бөлөх салайааччыта, 4 оҕо амарах аҕата Сандр Находкин,
Кырылас кумахтаах үрдүк сыырдаах Көбөкөн нэһилиэгиттэн төрүттээх, айар-тэрийэр идэлээх, көҕүлүүр, түмэр улуус бастыҥ ыччаттарыттан биирдэстэрэ, ырыаны ымыы оҥостон, төрөөбүт-улааппыт нэһилиэгэр «П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Сынньалаҥ Киин» тэрилтэтин директорынан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар, 4 оҕо амарах аҕата Илларион Пестеров,
Талыы-талба Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн төрүттээх, Нам улууһун Аппааны нэһилиэгин олохтооҕо, электрик идэлээх, үс оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата, оҕо эрдэҕиттэн ыллыыр, араас ырыа күрэхтэригэр, уус-уран самодеятельнас көхтөөх кыттааччыта Владимир Власов,
Таастаах нэһилиэгиттэн төрүттээх, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын «Төрүт култуура» салаатын 4-с кууруһун устуодьуона, 2022с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муҥха Олоҥхото» күөн-күрэс Муҥутуур кыайыылааҕа Назар Филиппов,
Үөһээ-Бүлүү улууһун Боотулу нэһилиэгиттэн төрүттээх, Нам улууһунааҕы РЭС тэрилтэтигэр Маастарынан үлэлиир, оҕо эрдэҕиттэн ыллыыр, эдэр дьиэ кэргэн амарах аҕата Афанасий Семенов,
Үөһээ-Бүлүү улууһун Сургулуук нэһилиэгиттэн төрүттээх, Газооператор идэлээх, 2023 сылтан «Коробейники» нуучча ырыатын ансаамбылын салайааччытыгар Дмитрий Барабановка ырыа эйгэтигэр дьарыктанан, «Золотое наследие» Норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль уонна Уус-Алдан улууһун «Мүрү» ырыа күрэхтэрин Лауреата, Покровскай куоракка ыытыллыбыт «Золотой шлягер» өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль Гран-При хаһаайына, кыыс оҕолоох көхтөөх дьиэ кэргэн эркин курдук эрэллээх амарах аҕата Артем Тюкянов,
Партизан нэһилиэгиттэн төрүттээх, уус-уран самодеятельнас көхтөөх кыттааччыта, Салбаҥ нэһилиэгин Г.И. Кривошапкин аатынан «Эйгэ» норуот айымньытын Киинин директора, импровизатор-хомусчут уонна тамада, эдэр кэскиллээх ыал аҕата Алгыс Павлов,
Өлүөнэ эбэ үрдүк сыырыгар тайаан тэнийэр Көбөкөн нэһилиэгин олохтооҕо, улууспут айар куттаах, үлэҕэ өрүү көхтөөх эр дьонноруттан биирдэстэрэ, 3 оҕо амарах аҕата, тапталлаах кэргэн, оҕо эрдэҕиттэн ырыа ыллыктаах Мичил Слепцов,
Үөһээ-Бүлүү улууһун Боотулу нэһилиэгиттэн төрүттээх, Нам улууһун күндү күтүөттэриттэн биирдэстэрэ, 2021с «Эн сулускун» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа интерактивнай күрэҕин финалиһа Михаил Спиридонов,
Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх, Көбөкөн нэһилиэгин олохтооҕо, «П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Сынньалаҥ Киин» звукооператора, Сунтаар улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар оһуохай этээччилэр күөн-күрэстэрин Муҥутуур кыайыылааҕа, оҕо эрдэҕиттэн ырыа ымыылаах, күүстээх куоластаах, эдэр ыал амарах аҕата Ким Осипов.
Намтан төрүттээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай Бириэмийэ лауреата, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таһымнаах конкурстар лауреаттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин опера уонна балет театрын солиһа, иллээх дьиэ кэргэн амарах аҕата Александр Георгиевич Емельянов,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үгүс ырыа ааптара, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэхтэрин хас да төгүллээх Гран-При хаһаайына, Лауреата Афанасий Татаринов уонна кини салайар «Добун» эр дьон ансаамбыла — «С песней по жизни-2017», «С любовью в сердце-2018», «Поющее мужское братство-2021», «Салгыбаппын тапталы туойартан-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэхтэрин Гран-При хаһаайыттара.
Бырааһынньыктааҕы улахан кэнсиэри айар куттаах, гитаранан доҕуһуоллуур, ыллыыр талааннаах, «Уолан», «Добун» эр дьон ансаамбылларын, «Ньургуһун» народнай хор кыттааччыта, улахан дьиэ кэргэн амарах аҕата Александр Дьяконов иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу курдук, дьон-сэргэ санаатын астыннаран, ис куту бөҕөргөтөн, олоҕу ырыанан туойан, улууспут сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсэ сылдьар эр дьоммут умнуллубат дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр.