22.11.2024

Олунньу 13 күнүгэр «Абырыыр алгыстаах, сэрэтэр сэһэннээх сахам тылын киэһэтэ» диэн А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын студена Назар Филиппов дипломнай үлэтин нэһилиэнньэҕэ туруорда.

Ийэ тылбыт күнүгэр анаммыт бэлиэ тэрээһин эр дьоҥҥо аналлаах алгыһынан саҕаланна. Алгысчыт — Владимир Сыромятников, аал уоту оттон, өрүкүйбүт сүрэҕи уоскутар, көхсүнү холкутатар, санааны бөҕөргөтөр алгыһын амалыйда.

Салгыы, «Булт хоһууна» диэн тыатааҕыны бултааһын сиэрин-туомун инсценировката уонна уус-уран самодеятельнай кэнсиэр  көрдөрүлүннэ. Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ юбилейдаах 125 сылыгар  анаан, Нам улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара Таллан Бүрэ айымньыларыттан уус-ураннык ааҕан арыйдылар. Кыттыны ыллылар: Намнааҕы библиотека үлэһитэ Арсен Винокуров, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ оскуолатын, Нам 2№ оскуолатын, Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ, Хамаҕатта Саха-Французскай лицейын учуутала Василий Сивцев, З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын «Дьүрүскэн» фольклор бөлөҕө, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Дьэргэлгэн» фольклор бөлөҕө, Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы улуснай гимназия оскуолатын «Дьулусхан» инструментальнай ансамбыл,  айымньылаах тыллаах «Ай-тыл» этно фольклорнай ансамбыл, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө, П.П. Ядрихинскай аатынан олоҥхо дьиэтин «Эдэр-тэтим» фольклорнай ансамбыла, ону кытта «Айылҕан» уонна «Ньургуһун» үҥкүү ансаамбыллара.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять