22.11.2024

Олунньу 6 күнүгэр, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин иллээх улахан коллектива көрдөөх оонньууларга тургутунан көрдө. 

Ол курдук, үс хамаандаҕа арахсан, араас  сорудахтардаах түһүмэхтэри аастылар: таабырыннары таайдылар, өс хоһооннору ситэрдилэр, сахалыы иһит ойуулаах хартыынаны таҥнылар, Саха сирин уонна Нам улууһун историятыттан, георграфическай тутулуттан ыйытыыларга хоруйдаатылар, сүүрүүлээх-көтүүлээх көрдөөх сорудахтары толордулар. Манна булугас өй, сымса быһыы уонна хамаанда биир киһи курдук буолара улахан оруоллаах. 

Бу курдук, эбиэт кэмигэр, бэрт кылгас бириэмэҕэ,  хас биирдии үлэһиккэ  сэргэхсийии, үлэттэн сынньалаҥ тэрилиннэ. Бүтэһиккэ — профкомтан итии чэйдээх, минньигэс туортаах эбиэт остуола тардылынна, сэһэн-сэппэн тэнийдэ, үлэ былаанын чопчулаһыы, санаа атастаһыыта буолла. 

Үлэни кытта сынньалаҥы дьүөрэлээн, айар-тэрийэр, көҕүлүүр эйгэҕэ  күүс эбилиннин, кыах кынаттаннын! 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять