Олунньу 3-4 күннэригэр Мэҥэ-хаҥалас улууһун Майатааҕы Дмитрий Ходулов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр народнай театрдар ортолоругар VII Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Алыптаах мааска» фестиваль-күрэс буолан ааста. Күрэскэ Сахабыт сирин араас улуустарыттан 21 народнай театр кытынна.
Эҥсиэли хочотуттан Намнааҕы народнай театр кыттыыны ылла. Театр иһинэн үлэлиир «Күндүл» ыччат бөлөҕө бу күрэскэ аан-маҥнайгытын кытынна уонна номнуо көрөөччү кутун-сүрүн тутта.
Архивнай докумуоннарга олоҕурбут «Семинария паартатыттан Автономия трибунатыгар» испэктээкили саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри көрөөччүлэр ылы-чып олорон көрдүлэр-иһиттилэр.
100-тэн тахса сыл анараа өттүгэр саха норуотун чаҕылхай ыччаттара, саха дьонун инникитин туһугар турууласпыт семинаристар, оччотооҕу олох көстүүтэ (таҥас-сап, мал-сал), тыйыс кэм түгэннэрэ көрөөччү иннитигэр киинэ курдук арылынна.
Испэктээкил кэнниттэн, Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан сылдьар режиссер идэлээхтэр, народнай театр артыыстара сөҕөн-махтайан эҕэрдэлээтилэр, киэн тутталларын биллэрдилэр.
Түмүккэ, Намнааҕы народнай театр «Приз зрительских симпатий «Глазами зрителя» номинация кыайыылааҕа буолла.
И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын 20 үөрэнээччитэ сүрүн оруолларга уонна массовкаҕа хас биирдиилэрэ дууһаларын ууран туран кыттыбыттара, улуус чиэһин көмүскээн, көрөөччү кутун-сүрүн туппуттара — быйылгы Саха сиригэр оҕо сылын ситиһиилээхтик саҕалаатылар.
Режиссердарбытыгар — «Семинария паартатыттан Автономия трибунатыгар» испэктээкил сценариһа, СӨ култууратын туйгуна Иван Степанович Новиковка, инникилээх Роман Александрович Герасимовка, «Күндүл» театральнай литературнай бөлөх педагог-салайааччытыгар, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар Лариса Дмитриевна Даниловаҕа төлөннөөх эҕэрдэ! Намнааҕы народнай театр өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээҕин, бастыҥ ыччаттардааҕын өссө төгүл биллэрдэ, көрдөрдө! Баҕарабыт өссө да саҥа туруоруулары, ситиһиилэри!