06.10.2024

Ахсынньы 18 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр «Үтүө санаа харыйата» акция үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Акция сүрүн соругунан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоругар уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар  баҕа санааларын  толорон, Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тэрийиигэ туһуланар. Акция ахсынньы 28 күнүгэр диэри ыытыллар. 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять