22.11.2024

Күн сиригэр киһи аймах ааспыты анааран, бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлээн-хамсаан, ырааҕы көрөн, инникини торумнаан, кэм кэрдиистэринэн олоҕу уһансар.

Ахсынньы  16 күнүгэр Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр Нам улууһун сайдыытыгар туһуламмыт, «НАМ СИРИН КЭСКИЛЭ» дьоһуннааҕы кэпсэтии тэрээһинэ ыытылынна.

Манна Нам улууһун баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, култуура, үөрэҕирии, урбаан эйгэтин салайааччылара уонна улууспут инникилээх ыччаттара кыттыыны ыллылар. Тэрээһин саҕаланыан иннинэ түмэл устун экскурсия ыытылынна. Онтон, бары саалаҕа мустан, «Нам-Фест» Нам улууһун ыччатыгар анаммыт тэрээһинтэн видеоролик көрдүлэр. «Нам улууһун өрөгөй» ырыатынан дьоһуннааҕы кэпсэтии саҕаланна.

Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну күүһүрдэр, тапталы иҥэрэр, тылы сөптөөхтүк туттан, сааһылаан саҥарарга, быһаарарга ыччаты үөрэтэр соруктаах тэрээһин сүрүн сүнньүн аһаҕас кэпсэтии  тутта. Манна кэлбит кыттааччылар ийэ тыл, култуура, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, экология, тыа хаһаайыстыбата, урбаан, тутуу эйгэлэригэр үлэ, олох-дьаһах, общество хамсааһыннарыгар санаа атастастылар, этиилэри киллэрдилэр.

«Нам сирин кэскилэ» дьоһуннааҕы кэпсэтии тэрээһиммитин өйөөбүт «Нам улууһа» МТ  баһылыгар Юрий Иннокентьевич Слепцовка, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыгар Петр Григорьевич Сокольниковка, проект олоххо киирэригэр көмө буолбут Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейыгар, тэрээһин модераторыгар А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директорыгар, Нам улууһун депутаатыгар Н.М. Жирковка уонна көхтөөх кыттыыны ылбыт Намнааҕы култуура уонна духуобунас сайдыы салаатын начальнигар С.П.Ядрихинскайга,  Илья Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын директорыгар, «Буойун» түмсүү салайааччытыгар, Нам улууһун депутаатыгар П.Н. Оконешниковка, Егор Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын директорыгар М.Г. Пермяковаҕа, директоры солбуйааччы И.А. Даниловка, Нам улууһун үөрэх салаатын социально-психологическай отделын салайааччытыгар С.К.Новгородоваҕа, Нам улууһун үөрэҕирии салаатын иитии отделын специалиһыгар  О.Е.Васильеваҕа, Иван Гаврильев аатынан Нам 1 № орто оскуола учууталларыгар  А.И.Стручковаҕа, Л.Е.Васильеваҕа,  11 кылаас үөрэнээччитигэр Артем Дьяконовка, оскуола «ЭхоБининс» этэрээтигэр, «Прожектор» медиа-түмсүүтүгэр, Дмитрий  Алексеев аатынан I-Хомустаах орто оскуолатын учууталларыгар Л.И.Солдатоваҕа, А.С.Соловьеваҕа, «Баһылай Манчаары аатынан РНСК» мас-тардыһыыга тренерыгар  С.Ю.Соловьевка, Намнааҕы «Мин бизнеһим» Киин сэбиэдиссэйигэр М.С. Тарабукинаҕа, бэйэ тутуу хампаанньалаах К.И. Колесовка, Хатырык нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытыгар А.Е.Парниковка, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр, Иван Гаврильев аатынан Нам 1 № орто оскуола президеныгар, Нам улууһунааҕы «Движение первых» оҕо хамсааһынын түмсүүтүн председателыгар Влад Санниковка, Егор Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын президеныгар Василина Ощепковаҕа,  Николай Охлопков аатынан Улуустааҕы Гимназия, Нам 1 уонна 2 № орто оскуолаларын учууталларыгар уонна үөрэнээччилэригэр, олохтоох дьаһалта, үөрэх, урбаан эйгэлэрин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Тэрээһин түмүгүнэн, бары кыттааччылар олус сэргээбиттэрин, маннык кэпсэтии, сытыы кыһалҕалары туоратарга ырытыһыы хайаан да наадалааҕын бэлиэтээтилэр. Кыттыыны ылбыт ыччаттар элбэх туһалаах информацияны иһиттилэр. Инникитин даҕаны бу маннык хабааннаах тэрээһиннэр ыытылланнар, ыччат обществаҕа көҕө күүһүрэн, улууспут инники сайдыытыгар үлэлэһэр тустаах салайааччыларга олох-дьаһах тупсарыытыгар туһуламмыт программалара торумнаналларыгар тирэх буолуохтара диэн эрэнэбит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять