22.11.2024

2005 сыллаахха сэтиньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Онтон тирэхтэнэн, Олоҥхобут сөргүтүллүүтүгэр, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр араас ньымалаах үлэлэр киэҥ иэнинэн тэнийэллэр. 

Саха сиригэр 2014 сылтан саҕалаан олоҥхону тарҕатар, үйэтитэр соруктаах араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Дириҥ суолталаах бэлиэ күн декадатынан Нам улууһун чаҕылхай олоҥхоһута Вера Прокопьевна Цыпандина үөрүүтүн үллэстэр: 

«Нам улууһугар Олоҥхо декаадатын чэрчитинэн “Олоҥхо омоон суолунан” бырайыагынан улууспут нэһилиэктэригэр сырыттым.

Ол курдук, сэтинньи 21 күнүгэр декааданы  үөрүүлээхтик арыйан, Олоҥхо дьиэтигэр  тоҕуоруһа мустубуппут. Олоҥхону, дэгэрэҥ ырыаны тыыннаах доҕуһуолунан  тэтимнээн, оһуокайы оройуттан туттубут.

Түбэ, Модут, Хамаҕатта , Аппааны, Искра, Көбөкөн нэһилиэктэригэр тиийэн сөпкө тыыныыга уонна дорҕоон таһаарыытыгар маастар кылаас биэрэн , олонхо туһунан кэпсэтиһэн баран биир дойдулааҕым Егор Герасимович Охлопков -Буоратай «Алантай Боотур» олонхоттон быһа тардан  иһитиннэрдим. Нэһилиэктэр үксэ оҕолору кытта көрүһүннэрдилэр. Уопсайа бу уон күҥҥэ   237 киһи олоҥхону иһиттэ , олонхо киэһэтигэр сырытта.

Декада кэмигэр Дьокуускайга  араас хабааннаах республиканскай уонна межрегиональнай форумнарга кыттыыны ыллыбыт. Ол курдук  «Потомки олонхосутов и знатоков- краеведов» – истээччинэн, «Аныгы олоҥхоһут » диэн төгүрүк остуолга дьүүллэһэн, регионнар икки ардыларынааҕы  «Эпосы мира на земле олонхо» Тыва, Алтай, Башкортостан, Калмыкия,   Казахстан уонна Сахабыт Сирин 22 улуустара кыттыылаах фестивальга  Нам улууһун айымньылаах тыллаах «Ай -Тыл» бөлөҕө, кыттааччылар Сахаайа Колодезникова, Мария Аргунова, Геннадий Игнатьев уонна Марианна Винокурова тыыннаах дорҕоон күрэҕэр, мин Олонхону толорууга номинант буоллубут. Манна Нам улууһуттан олоҥхоҕо Марианна Винокурова, З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусстватын оскуолатын иһинэн саҥа тэриллибит «Кудай» тыыннаах дорҕоон бөлөҕө (салайааччы Сахаайа Колодезникова) кыттыыны ыллылар».

Бу курдук, Нам улууһугар саха төрүт үгэһин тарҕатааччылартан биирдэстэрэ, биир идэлээхпит Вера Прокопьевна Олоҥхо декадатыгар таһаарыылаахтык үлэлээтэ. 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять