Сэтинньи 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэс буолан ааста. Бу күрэххэ 6 улуустан 20 биирдиилээн толорооччу уонна 15 фольклорнай бөлөх кыттыылаах уопсайа 125 киһи кытынна. Саха төрүт үгэһин, уран тыл маастарыстыбатын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр соруктаах улахан күөн-күрэскэ Нам улууһуттан «ТАЛБААНА» фольклорнай бөлөх кыттан КЫЛААН ЧЫПЧААЛ кыайыылааҕа буоллулар. Салайааччы Мария Степановна Григрорьева-Маайа.
Ону сэргэ, «Талбаана» фольклорнай бөлөх кыттааччыта Виктория Иванова «Сэҥээриилээх чабырҕахсыт», Надежда Лукинова «Дьүөрэ тыллаах чабырҕахсыт» анал ааттар буоллулар.
Вера Цыпандина салайар «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө «Билбит-көрбүт чабырҕахсыттар» анат ааты ылан чиэстэннилэр.
Наммыт талааннаах айар куттаах дьонугар — «Талбаана» уонна «Дьэргэлгэн» фольклорнай бөлөхтөрбүтүгэр инникитин даҕаны айымньылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабыт!