Доҕордуу норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр Нам улууһун айар куттаах дьоно-сэргэтэ олус сиэдэрэй, чээлэй түһүлгэҕэ муһуннулар. Бииртэн биир ылбаҕай ырыа, дьэрэкээн үҥкүү көрөөччүлэри үөртүлэр.
Кыттыыны ыллылар ылбаҕай куоластаах ырыаһыттар Кристина Ядреева, Сандр Находкин-Сандаар, Анна Нестерева, Мария Петрова, Анель Яковлева, Николай Жирков, «Нарыйаана» вокальнай ансаамбыл (сал. Елена Кутукова), «Эдэр тэтим» фольклорнай ансаамбыл (сал. Сандр Находкин).
Үҥкүүнэн киэргэттилэр:
«Ручеек» оҕо народнай ансаамбыла (сал. Надежда Москвитина), З. П. Винокуров аатынан Намнааҕы искусство оскуолатын үҥкүү бөлөхтөрө (салайааччылар Саргылана Кудрина, Павел Винокуров), Аппааны нэһилиэгиттэн «Сыдьаайа» үҥкүү ансаамбыла (сал. Анжелика Ноговицына), Намтан «Ньургуһун» үҥкүү народнай коллектива уонна
“Айылҕан” үҥкүү бөлөҕө (сал. Мария Попова), «Ситим» Үһүс оскуола үҥкүүтүн ансаамбыла (сал. Кэрэмэс Саргы), «Кыталыына» үҥкүү коллектива (сал. Владислав Николаев), дуэт Евгения Никифорова, Владислав Николаев, «Ай-Ледис» үҥкүү коллектива (сал. Римма Татаринова).
А. Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ бу суолталаах бэлиэ күҥҥэ анаан тэрийбит кэнсиэригэр кыттыбыт биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорооччуларыгар барҕа махталын тиэрдэр.
Бу курдук өрүү бииргэ тутуһан, сайдыы, үктэллэри дабайыы аартыктарын арыйа туруҥ!