22.11.2024

Нам улууһуттан ылбаҕай ырыа аргыстаах талааннаах ыччаппыт Артем Тюкянов  Покровскай куоракка «Саргы Түһүлгэтэ» Култуура уонна норуот айымньытын Киинигэр ыытыллыбыт «Золотой шлягер 2023» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Гран-При кыайыылааҕынан таҕыста!   

Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх Артем Тюкянов идэтинэн газооператор. Ол эрэн, талаанын таайан, «Ньургуһун» народнай хорга солист быһыытынан ырыа алыптаах эйгэтигэр киирэн, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, дириҥ уопуттаах хормейстер Елена Александровна Кутуковаҕа  дьарыктанан саҕалаабыта. Нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас таһымнаах кэнсиэрдэргэ, ырыа күрэхтэригэр айар коллективын, дьиэ кэргэнин кытта ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.

Билигин, П.М. Мусоргскай аатынан Урааллааҕы судаарыстыбаннай консерватория выпускнигар,  А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбылын салайааччытыгар Дмитрий Николаевич Барабановка  дьарыктанар.

Ис дууһатыттан ырыа үрдүкү ускуустубатыгар дьулуурдаах, үгүстүк дьаныардаахтык дьарыктанан, чочуллан тахсан эрэр талааннаах ыччаппытыгар үөрүү үктэллээх эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Инникитин даҕаны үрдүк ситиһиилэргэ дабайан, талааҥҥынан дойдугун ааттата тур диэн алгыспытын тиэрдэбит!  

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять