Алтынньы 20 күнүгэр, Аан дойдуга Саха норуотун билиһиннэрбит, Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһын бэлиэтиир истиҥ сэһэннээх дьоро киэһэтэ Нам улууһун М.К. Аммосов аатынан Дыбарыаһыгар буолла.
Үөрүүлээх тэрээһини «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын үҥкүүһүттэрэ уонна Намнааҕы народнай театр ыччатын бөлөҕө «Суор» уонна «Кустук» диэн Николай Лугинов айымньыларыттан быһа тардыыны көрдөрөн арыйдылар.
Николай Алексеевич идэтинэн математика учуутала. Ол эрэн, айылҕата маанылаабыт талаанынан көмүс бөрүөлээх суруйааччы быһыытынан аан дойдуга биллэр. История чахчыларыгар, дьиҥ олоххо олоҕуран суруйар айымньылара ааҕааччы киэҥ биһирэбилин, экспертэр үрдүк сыанабылларын ылаллар.
Бу киэһэҕэ кини олоҕун, таптыыр кэргэнэ Наталья Егоровна, оҕолорун, алтыһар доҕотторун, тус ситиһиилэрин туһунан көрөөччү буолан кэлбит ааҕааччылар иһиттилэр.
«Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Петр Сокольников, «Модут нэһилиэгэ» МТ баһылыга Ефим Гоголев, «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Татаринов-Удьурҕай, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, ветеран Иван Бубякин уонна Николай Алексеевич бииргэ алтыһар биир эйгэлээхтэрэ, доҕотторо, уруу-аймах дьоно, кыра кыыһа Күннэй Лугинова эҕэрдэлээтилэр.
А. Н. Окоемов аатынан «Мичээр» үҥкүү народнай ансаамбыла (сал. Татьяна Филиппова)
Саха Народнай артыыһа Александр Емельянов, Саха Үтүөлээх артыыһа Анегина Дьяконова, Нам улууһун ылбаҕай ырыаһыттара Дмитрий Барабанов, Николай Протопопов. Баяҥҥа доҕуһуоллаата СӨ култууратын туйгуна Афанасий Татаринов. Истиҥ тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Майя Софронова.
Киэҥ аартыкка дабайан, аан дойду үрдүк ытыктабылын ылбыт киһини ытыска ууран туран истэр-көрөр — биһиги эргин олус сэдэх. Онон, кэлбит көрөөччүлэрбитигэр, кыттааччыларбытыгар уһун сылларга умнуллубат түгэн буолла.