22.11.2024

Алтынньы 14 күнүгэр, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин күнүн чэрчитинэн, М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы Дыбарыаһыгар киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолан ааста.

«Ытык Эбэбит Үрүҥ-Күөл  күндү бэлэҕэ — собо» Түбэ нэһилиэгин  талааннаах  тарбахтаахтарын быыстапката улууспут олохтоохторун уонна ыалдьыттарын манньытта.

 Түбэттэн төрүттээх талба талааннаахтар, нэһилиэк олохтоохторо  кыттыылаах «Уруйдан-айхаллан,  Түбэм Сирэ!» уус-уран самодеятельнай кэнсиэрэ көрөөччү сүргэтин көтөхтө. Киирии билиэтинэн бааттаах көрөөччүлэр Түбэ сирин быйаҥыттан бэлэх туттулар.  

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять