22.11.2024

Алтынньы 14 күнүгэр «Дьокуускай-Нам-Булуус» айан аргыстаах саҥардыллыбыт суолун арыйыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Бу проект олоххо киирэригэр үлэлэспит салайааччыларга улахан ситиһии, суолу кичэйэн оҥорбут үлэһиттэргэ үлэ түмүгэ, тимир көлөлөөх айанньыттарга бу сырдык үөрүү.

Алгысчыт Петр Охопков-Алгыс Бүөтүр арыалдьыттарын кытта («Айылҕан» үҥкүү бөлөҕө — сал. Мария Попова) суол иччитигэр анаан сиэр-туом толордулар,  алгыс аламаҕайын анаатылар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, СӨ автомобильнай суолларын управлениетын  Генеральнай директорын солбуйааччыта Георгий Васильев, «Сэттэ» ХЭТ дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Игорь Федоров,  «Энсиэли» такси сулууспатын салайааччыта Мардьа Марха уола Байдам, суол тутаах үлэһиттэрэ,  А. Н.Окоемов аатынан «Мичээр» үҥкүү народнай ансаамбыла (сал. Татьяна Филиппова) уонна улууспут олохтоохторо. Эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, махтал мааныта айхалланна, бэлиэ күн бэлэҕэ туттарылынна. 

Саҥардыллыбыт суол аартыгын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыыны А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ иилээн-саҕалаан ыытта.

Саҥа тэлгэммит суол куруутун айанньыттарга үтүө аргыстаах буоллун! 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять