Алтынньы 5 күнүгэр Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтээн, эҕэрдэ кэнсиэр буолла. ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, сцена ветерана Людмила Рехлясова «Күһүҥҥү серенада» ырыатын толоруутунан бырааһынньыктааҕы кэнсиэрбит аартыга арылынна.
Нам нэһилиэгин «Иэйии» ветеран кулууба, солистка Мария Елисеева, I-Хомустаахтан Анастасия Соловьева, Искра нэһилиэгиттэн үҥкүүһүт Василий Дьяконов, Аппааны нэһилиэгиттэн «Сыдьаайа» үҥкүү бөлөҕө, Нам нэһилиэгиттэн «Ситим», «Кыталыына» үҥкүү бөлөхтөрө, «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын кыра группата уонна араас сыллардааҕы выпускниктара, Маайа Григорьева, Анна Яковлева, Дмитрий Барабанов, Афанасий Татаринов уонна Нам 2 № орто оскуолатын үөрэнээччилэрин үҥкүүһүттэрэ буоланнар сүргэни көтөҕөр ыллам ырыаларын, үҥкүүлэрин анаатылар.
Сэбиэскэй киинэлэри хаартыскаларынан таайыы оонньуутугар аҕам саастаах көрөөччүлэрбит көхтөөхтүк кытыннылар. Саамай элбэх киинэни таайбыкка Ырыа Саарын кэнсиэригэр киирии билиэтэ бириис буолан туттарылынна.
Ылбаҕай ырыа ылланар, дьэрэкээн үҥкүү дьиэрэйэр дьоро киэһэбит мелодист Афанасий Шестаков «Доҕорбор» ырыатын саалаҕа баар бары көрөөччүлэрбит толорууларынан түмүктэннэ.
Ыыттааччы Александр Дьяконов, баяҥҥа доҕуһуоллаата Афанасий Татаринов.
Сэргэх кэнсиэр бары кыттааччыларыгар, айар бөлөхтөр салайааччыларыгар Татьяна Гурьеваҕа, Кэрэмэс Саргыга, Анжелика Ноговицынаҕа, Мария Поповаҕа, Владислав Николаевка, Туяра Абрамоваҕа махталбытын тиэрдэбит. Инниктин даҕаны дьону үөрдэ, санааны сырдата айа-тута сылдьыаҕыҥ!
Күндү аҕам саастаах көрөөччүлэрбит!
Үүнэр көлүөнэҕэ сылаас кыһамньыгытын, дириҥ билиигитин, баар кыаххытын аныыргытын дириҥник сыаналыыбыт.
Эһиэхэ саха алмааһын курдук кытаанах доруобуйаны, чэмэлкэй күн курдук сылаас сыһыаны, Эҥсиэлибит хочотун мүөттээх салгынын курдук сүрэҕи-дууһаны сылаанньытар сэргэх күннэри баҕарабыт. Чугас дьоҥҥут тапталларынан, ытыктабылларынан кынаттанан уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ!