Балаҕан ыйын 27 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин 67-с үлэ сезонун арыйда.
Киириигэ, 1956 сылтан саҕаламмыт тэрилтэ айар үлэтин кэрэһэлиир хаартыскаларынан выставка, саҥа фотозона (худуоһунньук-оформитель Алена Дьяконова) уонна З.П. Винокуров аатынан Оҕо искусстватын оскуолатын народнай инструменнарын оркестра (салайааччы Анна Федулова) олохтоох композитордар музыкаларын оонньоон, хас биирдии кэлбит көрөөччү сүргэтин көтөхтүлэр. Тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ астына сынньанарыгар коллектив бары үлэһиттэрэ бииргэ түмсэн бэлэмнэнии үлэтин тэтимнээхтик ыыттылар.
Сценаҕа А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин айар дьарык бөлөхтөрө, биирдиилээн ырыаһыттарын хас биирдии толорууларын көрөөччүлэр хабыллар ытыстарын тыаһынан эҕэрдэлии көрүстүлэр.
«Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын кыра, орто, улахан уонна аҕам саастаахтарын, «Айылҕан» ыччат үҥкүүһүттэрин бөлөҕө (салайааччы Мария Попова, хореограф Владислав Николаев), Намнааҕы народнай театр ыччатын уонна «Күндүл» литературнай бөлөҕө (салайааччы Роман Герасимов), «Дьүөгэлэр» народнай вокальнай уонна «Нарыйаана» ырыа ансаамбыллара (салайааччы Елена Кутукова), «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбыла (салайааччы Дмитрий Барабанов), «Добун» эр дьон вокальнай ансаамбыла (салайааччы Афанасий Татаринов), «Дьулуур» эдэр ыччат вокальнай ансаамбыла (салайааччы Федот Соловьев), «Олох устун» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл (салайааччы Александр Дьяконов), «Кыталыына» үҥкүү бөлөҕө (салайааччы Владислав Николаев), «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө (салайааччы Вера Цыпандина), «Намылы», «Сарыада» норуот ырыатын уонна «Нам-Кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөхтөрө (салайааччы Мария Григорьева-Маайа), солистар Анна Яковлева, Артем Тюкянов, видеороликка эбээ уонна сиэн оруолларыгар биһиги киэн туттар, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, бочуоттаах бэтэрээнэ, үгүс көрөөччү кутун-сүрүн тутар Людмила Дмитриевна Рехлясова уонна И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ, Намнааҕы народнай театр артыыһа Вячеслав Барабанов. Улахан кэнсиэри А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин айар үлэһиттэрин квартета «Сцена быыһа арылынна» авторскай ырыатынан түмүктээтэ. Кэнсиэр бүтүүтэ, 140 кыттааччы бары сценаҕа толору кутуллан киирдилэр, айар куттаах олохтоохторбут талаан талбалаах саҥа сыллара саҕаламмытынан салют сандаарда, көрөөччү саалатыгар «Браво!», «Махтал!» тылларынан күүстээх ытыс таһыныыта ньиргийдэ.
Дьоро киэһэни иилээн-салайан ыыттылар — Елена Заровняева, Александр Дьяконов. Кыттааччылар көстүүмнэрин бэлэмнээтэ — Мария Потапова. Экраҥҥа үлэ, видеоролик — Николай Кривошапкин, Анна Яковлева, Роман Герасимов. Уотунан, тыаһынан киэргэттилэр — Симонд Сивцев, Айаал Атласов, Аркадий Ылахов. Кэнсиэр режиссера — Алла Максимова. Звукорежиссер Андрей Дьяконов.
Бу курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтээн, Нам киинигэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ 67-с айар үлэ сезонун өрө көтөҕүүлээхтик, киэҥ далааһыннаахтык саҕалаата. Бары кыттааччыларга махталбытын тиэрдэбит уонна айар бөлөх салайааччыларыгар өссө саҥа арыйыылары, ситиһиилэри баҕарабыт! Көхтөөх көрөөччүлэргэ барҕа махталбытын биллэрэбит! Инникитин даҕаны кэрэ эйгэни, айар үлэни кэрэхсии, сэргии туруоҕуҥ! Култуура тула түмсэ туруоҕуҥ!
Кэнсиэр видеотын ссылката: https://youtu.be/BRfBcHtu7Fc?si=sFgIJKy2OW1r4unO