Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Улуу Туймаада туонатыгар «Үс хатыҥ» ыһыахтыыр сиригэр Намнар өрөгөйдүүр күннэрэ буолан аастылар.
Саха төрүт үгэһин сөргүтэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэн, бииртэн-биир чаҕылхай кыттааччы аата ыһыах түһүлгэтин үрдүнэн дуорайда.
А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ бу киэҥ далааһыннаах тэрээһиннээх ыһыахха добун күрэстэргэ көхтөөх кыттыыны ылла уонна кэккэ ситиһиилэрдэннэ:
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Дэгэрэҥ ырыаны толорооччуларын күөн күрэстэригэр «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө (салайааччы М.С.Григорьева-Маайа) I миэстэ;
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт дорҕоон түһүлгэлээх күрэҕэр «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө I миэстэ;
Ону сэргэ, «Эдэр тэтим» фольклорнай бөлөх (салайааччы С.А.Находкин) III миэстэни ылла.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Дэгэрэҥ ырыаны толоруу күрэҕэр «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө (салайааччы В.П. Цыпандина) II миэстэ;
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Чабырҕах күрэҕэр оҕолор ортолоругар «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө III миэстэ;
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Чабырҕах күрэҕэр улахан дьоҥҥо «Түһүлгэ» фольклорнай бөлөх (салайааччы О.М. Кудрина) III миэстэ;
Сахаайа Колодезникова, Геннадий Игнатьев Өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрүт дорҕоон түһүлгэлээх күрэҕэр хомуска оонньоон III бочуоттаах миэстэни ыллылар;
Өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай этээччилэр ортолоругар Нам кылыһахтаах, эйээркэй этээччилэрэ бастыҥнар ортолоругар сырыттылар:
«Ытык саастаах этээччи» анал аат биһиги аҕа саастаах ытыктыыр киһибитигэр Семен Петрович Алексеевка, «Чөллөркөй көмүрүө куолас» Вера Прокопьевна Цыпандинаҕа, «Эрчимнээх этээччи» анал аат Елена Константиновна Марковаҕа, «Сатабыллаах толорооччу» анал аат Түбэ нэһилиэгин олохтооҕор Аскалон Егоров-Өркөн Дьолго туттарылынна.
Дьоллоох Дьокуускай Улуу Туймаада Үрүҥ тунах ыһыаҕар Нам улууһуттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин Фольклор куруһуогун салайааччытыгар Вера Прокопьевна Цыпандинаҕа — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх оһуохай этээччитэ» Үрдүк Бэлиэ аата иҥэрилиннэ.
Туймаада ыһыаҕар, үгэс курдук, өрөспүүбүлүкэбит бары улуустара, куораттара, тэрилтэлэрэ анаан-минээн түһүлгэлэрин киэргэттилэр. Нам улууһун түһүлгэтэ бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Ытык куба бэлиэлээх саламаларынан киэргэнэн, Тойон сэргэ тула кыынньар кымыстаах чорооннору, арыылаах алаадьылаах кытыйалары кэккэлэтэн, Саха омук сүгүрүйэр Дьөһөгөй оҕотун симээн, кэлбит ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөн, арчылаата, алгыстаата. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, Нам улууһун түһүлгэтэ III бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.