Бэс ыйын 21 күнүгэр, Эҥсиллэр Элиэнэ кытыллаах, күөх мыраан эркиннээх, кыыс кэрэ Нам сиригэр дьон-сэргэ арчыланан, алгыстанан, саҥа үүммүт сылга күүс-уох ылан, үөрэн-көтөн, сүргэ көтөҕүллэн Үрүҥ Тунах ыһыаҕы бэлиэтээтибит.
Бу киэҥ далааһыннаах улууспут улахан ыһыаҕар айар куттаах биирдиилээн толорооччулар, бөлөхтөр биир түһүлгэҕэ түмсэн, сайыҥҥы илгэлээх ардаҕын аннынан да буоллар, Ытык Күнү көрүстүбүт.
А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин тэрийэр, түмэр коллектива Ыһыах өрөгөйдөөх аһыллыытыгар кыттыыны ылбыт айар куттаах ырыа, үҥкүү, төрүт дорҕоон бөлөхтөрүгэр, тэрилтэ салайааччыларыгар уонна үлэһиттэригэр, улууспут нэһилиэктэрин баһылыктарыгар, түөлбэ олохтоохторугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр, ыччаттарбытыгар, кэнчээри оҕолорбутугар БАРҔА МАХТАЛЫН ТИЭРДЭР.
Бу курдук, инниктин даҕаны биир сомоҕо буолан, улууспут үтүө аатын өрө тутан, үлэҕэ, тэрээһиҥҥэ көхтөөх буолуоҕуҥ!
Саҥа үүммүт Дьөһөгөй сылыгар баҕарыбыт чэгиэн доруобуйаны, өлгөм үүнүүлээх быйаҥы, үтүө сэргэх сайыны! Этэҥҥэ буолуҥ! Дьоллоохтук олоруҥ!