22.11.2024

Бэс ыйын 21 күнүгэр «Эҥсиэли» култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Дойдуга Педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Нам улууһугар Биир санааланыы уонна сомоҕолоһуу сылларыгар анаммыт Уйгулаах сайыммытын көрсөр улуустааҕы Үрүҥ Тунах Ыһыахха Нам улууһун дьоно-сэргэтэ илгэлээх быйаҥ ардаҕын алгыс кэриэтэ ылынан түмсэн ыһыах арыллыыта биир тыынынан өрө көтөҕүллэн ыытылынна.

«Эҥсиэли» култуура уонна сынньалаҥ пааркаҕа дьон-сэргэ мустан: норуот ырыата, чабырҕах, олоҥхо, хомус, оһуохай дуорайда. Эр дьон саха төрүт оонньууларыгар күөн көрүстүлэр, бастыҥтан-бастыҥнар ааттаннылар. Ыһыах ат сүүрдүүтүнэн түмүктэннэ.

«Ытык Куба бэлиэлээх Наммыт сирэ кэскиллээх» Уйгу быйаҥ ыһыах күрэһин кыайыылаахтара: 

«Уруйдан улуу Олоҥхобут!» олоҥхону толоруу күрэһин түмүгэ:

Оҕолорго:

I Үрдэл — Винокуров Ваня (Нам)

II Үрдэл — Матвеева Оля (Нам)

III Үрдэл — Борисова Маша

Эдэр ыччатка:

I Үрдэл — Марианна Винокурова (Аппааны)

Улахан дьоҥҥо:

I Үрдэл — Руфова Елена (I Хомустаах)

II Үрдэл — Маркова Елена (Нам)

 Саҥа саҕалааччыларга:

I Үрдэл — Гуляева Мария (Модут)

II Үрдэл — Парникова Лилиана

III Үрдэл — Кудрина Оксана (Хамаҕатта).

«Уруйдан улуу Олоҥхобут!» олоҥхону толоруу күрэһин дьүүллүүр сүбэтэ: филология билимин кандидата, Гуманитарнай институт научнай үлэһитэ, эпосовед Айталина Ахметовна Кузьмина, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун преподавателя Лена Митрофановна Егорова уонна СӨ култууратын туйгуна, П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин директора Вера Васильевна Колпашникова.

«Дойдум-ытык алаһам» түһүлгэ күрэһин түмүгэ:   

Бастакы группа:

Гран-при – «Партизан  нэһилиэгэ» МТ

I Үрдэл – «Хомустаах I нэһилиэгэ» МТ

II Үрдэл — «Хатын-Арыы нэһилиэгэ» МТ

III Үрдэл – «Хамаҕатта нэһилиэгэ» МТ

Биһирэбил бириистэри Үөдэй, Хатырык уонна Ленскэй нэһилиэктэрэ туттулар.

Иккис группа:   

I Үрдэл – «Модут нэһилиэгэ» МТ

II Үрдэл – «Бөтүҥ нэһилиэгэ» МТ

III Үрдэл – «Көбөкөн нэһилиэгэ» МТ

Үһүс группа:       

I Үрдэл – «Түбэ нэһилиэгэ» МТ

II Үрдэл – «Маймаҕа нэһилиэгэ» МТ.

«Дойдум-ытык алаһам» түһүлгэ күрэҕэр баһылыктар турунан нэһилиэктэр ох курдук тэринэн кэлбиттэр. Хас биирдии нэһилиэк түһүлгэтэ маастардарын оҥоһуктарынан сиэдэрэйдик киэргэнэн, остуол хотойорунан сахалыы ас арааһын астаан дьүүллүүр сүбэни көрүстүлэр. Дьүллүүр сүбэҕэ сыаналаатылар: Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнигын  солбуйааччы Александра Николаевна Новгородова, «Нам улууһа» МТ Дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын кылаабынай специалиһа Марат Анатольевич Петров, А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын маассабай тэрээһин режиссера Алла Иннокентьевна Максимова.     

 «Чобуо-чаҕаар чабырҕах!» чабырҕах күрэһин түмүгэ:

Бөлөҕүнэн чабырҕах :

I Үрдэл — «Түһүлгэ» фольклорнай бөлөх, сал. О.М. Кудрина (Хамаҕатта)

II Үрдэл — «Чугдаар» фольклорнай бөлөх, сал. Е.И. Руфова (I Хомустаах)

III Үрдэл — «Эрэкэ — дьэрэкэ » фольклорнай бөлөх, сал. Т.А. Мегина (Нам)

Чабырҕах биирдиилээн:

I Үрдэл — Оксана Кудрина (Хамаҕатта)

II Үрдэл — Надежда Лукина (Нам)

III Үрдэл — Иванова Виктория (Нам)

«Дьиэрэй дэгэрэҥ ырыам» норуот ырыатын күрэһин түмүгэ:

I Үрдэл — Сахаайа Колодезникова (Нам)

II Үрдэл — Мария Аргунова (Партизан)

III Үрдэл — Руслан Павлов (Нам).

«Чобуо-чаҕаар чабырҕах!», «Дьиэрэй дэгэрэҥ ырыам» күрэстэр дьүүллүүр сүбэтэ: СӨ култууратын туйгуна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин фольклорга кылаабынай специалиһа Александра Васильевна Васильева, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, 1 Хомустах «Сайдыы» оҕо айымньытын дьиэтин педагога, «Умсулҕан» фольклорнай студия салайааччыта Александра Дмитриевна Аргунова уонна «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын дэгэрэҥ ырыа күрэһин кыайыылааҕа, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһа Мария Степановна Григорьева — Маайа.

«Хомус дьүрүскэн кустуга» хомус күрэһин түмүгэ:

 Оҕолорго:     

I Үрдэл — Нератова Лилия (Хамаҕатта)

II Үрдэл — Попова Сайаана (Үөдэй)

III Үрдэл — Иванова Нарияна (Нам)

Улахан дьоҥҥо:        

I Үрдэл — Аргунова Мария (Партизан)

II Үрдэл — Игнатьев Геннадий (Үөдэй)

III Үрдэл — Калачев Петр (Хамаҕатта)

Бөлөҕүнэн толорууга:

I Үрдэл — Калачева Катарина, Калачев Петр

II Үрдэл  — Игнатьев Геннадий, Колодезникова Сахаайа

III Үрдэл – «Талбаана» фольклорнай бөлөх.

«Хомус дьүрүскэн кустуга» хомус күрэһин дьүүллүүр сүбэтэ: Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын специалиһа Матрена Анатольевна Платонова, Партизан нэһилиэгин «Айылгы» оскуолатын төрүт култуура учуутала Вера Николаевна Гаврильева уонна «Дьүрүл» народнай ансаамбыл фольклорга специалиһа Татьяна Прокопьевна Афанасьева.

«Оһуохай үҥкүүтэ – түһүлгэ үөрүүтэ» оһуохай күрэһин түмүгэ:

Оҕолорго:

I Үрдэл — Борисова Маша

Улахан дьоҥҥо:

I Үрдэл — Цыпандина Вера

II Үрдэл — Николаева Ирина

III Үрдэл — Маркова Елена

Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ — Элеонора Егорова (Аппааны), Петр Федотов (Үөдэй).

«Оһуохай үҥкүүтэ – түһүлгэ үөрүүтэ» оһуохай күрэһин дьүүллүүр сүбэтэ: СӨ Аан Дархан этээччитэ Афанасий Егорович Алексеев, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин генеральнай директора Сергей Степанович Семенов.

«САЙЫНЫ УРУЙДУУ!» эстрада ырыатын күрэһин кыайыылаахтара:

Биирдиилээн толорооччуларга:

I Үрдэл — Уваров Николай (Нам)

II Үрдэл — Усова Марина (Нам)

III Үрдэл – Протопопов Николай (Нам)

Ансаамбылларга:   

I Үрдэл – «Ай-Ыллаа» ырыа ансаамбыла, сал. Винокурова И.С. (Нам).

«САЙЫНЫ УРУЙДУУ!» эстрада ырыатын күрэһин дьүүллүүр сүбэтэ: СӨ култууратын туйгуна, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ,“Туллук хаара” Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Терентьевич Замятин,  ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Ньургуһун» народнай хор салайааччыта Елена Александровна Кутукова уонна А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Коробейники» народнай нуучча ырыатын ансаамбылын салайааччыта Дмитрий Николаевич Барабанов. 

«Нам улууһун уран уустарын оһуор мандар олоҕо» күрэс түмүгэ:

Улахан дьоҥҥо:

I Үрдэл — Зырянова Мария Филипповна (Үөдэй)

II Үрдэл — Корнилова Нина Петровна (Нам)

III Үрдэл — Румянцева Галина Васильевна (Нам)

III Үрдэл — Ядрихинская Розалия Семеновна (Модут)

Ыччакка:

I Үрдэл — Жирков Григорий Джулустанович (Аппааны)

II Үрдэл — Протопопов Дмитрий Александрович (I Хомустаах)

Дьүүллүүр сүбэ анал бириистэрэ:

— Рожина Мария Ивановна (I Хомустаах)

— «Кыбытыы» түмсүү (Хамаҕатта)

— Колпашникова Вера Васильевна (Нам)

— «Оһуор ойуу» түмсүү (Нам)

— Евсеева Октябрина Степановна (Нам).

«Эҥсили хочото – айар кут түһүлгэтэ» улуустааҕы хоһоонньуттар күрэстэрин түмүгэ:

Эдэр ыччатка:

I Үрдэл — Аида Егорова (Көбөкөн)

II Үрдэл — Сардаана Харитонова (Тубэ)

III Үрдэл — Зарина Яковлева (Бөтүҥ)

Анал аат ыччаттарга:

«Хоһоон хонуутугар сүрэхтэнии» — Елизавета Попова (Бөтүҥ)

«Кэскиллээх хоһоонньут» — Айыына Васильева (Хамаҕатта)

Улахан дьоҥҥо:

I Үрдэл — Оксана Васильева -Алгыстаана (Нам)

II Үрдэл — Мария Петрова (Нам)

III Үрдэл — Татьяна Куличкина (Хатырык)

Анал аат:

«Тыл хоһууна» — Елена Ефремова (Хатырык)

«Алгыстаах уран тыллаах айааччы» — Татьяна Местникова (Хатырык)

«Ийэ тыл сүмэтин наардааччы» — Светлана Беляева (Нам)

«Уран тыл соргулаах сонордьута» — Дмитрий Ноговицын (Аппааны).

Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять