Ыам ыйын 26 күнүгэр “Нам улууһа — территория бизнеса” өрөспүүбүлүкэтээҕи урбаанньыттар форумнара Нам улууһугар киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста. Ол курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтин предпринимательствотын, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтиттэн, атын улуустартан элбэх киһи кэлэн Нам улууһун урбаанньыттарын үлэлэрин-хамнастарын көрөн-истэн, билсэн, астыннан бардылар.
Урбаанньыттар форумнара “Становление предпринимательства в Намском улусе” диэн туруоруунан арылынна. СӨ култууратын туйгуна, биллэр режиссер Иван Новиков Сахалартан I гильдиялаах атыыһыт Н.Д. Эверстов – Сэрбэкэ олоҕуттан быһа тардан, бэрт интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох, олоххо чахчы буолбукка олоҕуран, театрализованнай туруоруутун сэргии көрдүлэр. Инникитин өссө кэҥэтэн киэҥ далааһыннаахтык туруоран көрдөрүүгэ ыҥырыы тутта.
Күн устата урбааҥҥа сыһыаннаах семинардар хас да былаһаакканан ыытылыннылар. Санаа, уопут атастаһыы, кэпсэтии түһүлгэлэрэ олохтоннулар. Ону сэргэ, киин болуоссаты толору атыы-кутуу дьаарбаҥката үгүс киһини муста.
Форум чэрчитинэн “Этно FASHION показ” Нам улууһун дизайнердарын, модельердарын дефилелара көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Тэрээһин биир ураты көстүүтүнэн – күн устата тимир уустара дьон-сэргэ көрөн турдаҕына тимир ууһаардылар, быһах оҕустулар, көрөөччүлэргэ туой иһиккэ оргуйбут ынах үүтүн, эт миинин амсаттылар. Тимир уустара охсубут быһахтарынан Николай Атласов, Семен Тарбахов, Александр Федосеев “Шеф-нож” маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Маастар-кылааска дьон тоҕуоруһа мустан идэтийбит асчыттар үлэлэрин сыаналаатылар.
Киэһээтин Нам улууһун самодеятельноһын эҕэрдэ кэнсиэрин кэнниттэн эдэр ыччакка аналлаах Джида, диджей Ашими, Понсаш кыттыылаах уоттаах-күөстээх тэрээһин буолан ааста.
Бу курдук, Нам улууһа сайда, чэчирии, кэҥии турдун!