25.11.2024

От — мас тыллар, көтөр — сүүрэр кэлэр, уһуктар кэмэ кэлэн, дьон — сэргэ сайылыкка көһөр, күөххэ үктэнэр мааны кэмэ – Сайылык күнэ. Самаан сайыҥҥа үктэммит кэрэ кэммитин айхаллаан туран ыам ыйын 22 күнүгэр, М.К.Аммосов аатынан болуоссакка Наммыт улууһун олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар «Эҥсиэли оһуокай» түмсүү Күн үҥкүүтүн оһуокайы ыытта. Кэлбит дьоҥҥо саха сиэринэн арыылаах алаадьынан күндүлэээн, алгыс ырыаны бэлэхтээн оһуохай көҕүлүттэн тутулунна, сахалыы оонньуулар оонньоннулар.  Ол курдук, оһуохайы таһаардылар: Вера Цыпандина, Мария Григорьева, Ульяна Стручкова уонна Николай Софронов.

Балыгы хаптарыы диэн оонньууга кыайыылааҕынан Клавдия  Лукавина буолла. Оһуохайы таһаарбыт кыайыылаах балыксыттар илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн – көтөн тарҕастылар. Сайыммыт үтүөтэ сырдыгынан сыдьаайдын, итиитинэн угуттаатын.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять