22.11.2024

Кулун тутар 17 күнүгэр Дьокуускай куорат Арчы дьиэтигэр Арассыыйаҕа «Иитээччи уонна уһуйааччы сылынан», “Саха сиригэр Үлэ сылынан» Дьокуускайдааҕы «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ  Сандал сааһы  көрсө «Уруйдан Улуу олоҥхобут» олонхону биирдиилээн, бөлөҕүнэн толоруу түһүлгэ тэрилиннэ. Сахабыт сирин Нам, Таатта, Чурапчы, Сунтаар, Ньурба, Горнай, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар. XIII төгүлүн ыытыллыбыт бэстибээлгэ 8 бөлөх, 21 биирдиилээн толорооччу уопсайа 77 уран тыл алыбыгар ылларбыт олоҥхоһуттар кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

1. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ —  Научнай методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр специалиһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай премия лауреата, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Протодьяконова Елена Николаевна;

2. Дьүүллүүр сүбэ 2 бэрэссэдээтэлэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх үлэһитэ, «Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин Консультативнай сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Толбонова Надежда Семеновна;

3. «Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин сэбиэдиссэйэ, СӨ Үтүөлээх үлэһитэ Андреева Лариса Константиновна;

4. Фольклорист-учуонай, филологическай билим кандидата, РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт младшай научнай үлэһитэ Данилова  Анна Николаевна; 

5. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин сүрүннүүр специалиһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Васильева Любовь Ивановна;

6. Дьокуускайдааҕы Аграфена Дмитриевна аатынан култуура уонна искусство колледжын спецдисциплиинэлэргэ үрдүк категориялаах преподавателя, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Васильева Александра Николаевна. 

Олоҥхо — саха норуотун тылынан уус-уран айымнньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ  дылы бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буоларын чопчу өйдүүр, ол туһугар сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар күндү дьоннорбут, олоҥхоһуттарбыт кэлэннэр күөн көрүстүлэр.

Нам улууһуттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһа Вера Цыпандина уонна Маймаҕа нэһилиэгин “Кыталык” КК специалиһа Ньургустана Лебедева кытыннылар. Вера Цыпандина Добун сурук, Ньургустана Лебедева “Удьуор утумун тутааччы” анал аат кыайыылаахтарынан буоллулар.

Нам улууһугар саха төрүт үгэһин, уус-уран айымньыларын тарҕатар кэскиллээх биир идэлээхтэрбитин ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Инникитин өссө да үрдүк кыайыылары, үгүс сүгүрүйээччилэри, үөрэнээччилэри баҕарабыт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять