Ыраахтан иһиллэр манньытар матыыптаах, наҕыл дорҕооннордоох, намыын ырыалардаах баай историялаах баян тыаһа — көстүбэт ситиминэн сырдык санаа, иһирэх муза буолан киһини кынаттыыр… Баян намыын тыаһынан, санааҕа, сир саҕаҕар саҥа тахсар күн кытарымтыйар иитигэр, ыраахтан угуйар дьикти абылаҥнаах иэйии эргийэ кууһар…Сороҕор, баян ойутар эрчимнээх музыката сүрэҕи эппэтэн, эти-сиини имитэн, «Аны хатыламмат» диэбиттии, түгэни хабан, ытыска тутан, сүрэххэ-дууһаҕа умнуллубаттык кичэйэн харайар…
Ырыаҕа ылланар ыалдьытымсах Нам сирин киэҥ дуолугар көрөөччү-истээччи сэргиир, биһириир уйаҕас баяны баһылаабыттар үгүстэр: Николай Атласов, Розалья Кокарева, Николай Пестряков, Анна Захарова, Михаил Павлов, Афанасий Татаринов, Илья Новиков, Савва Христофоров, Александр Шестаков, Станислав Андреев. Онтон, Нам сиригэр, баян долгунун саҕалаабыт, ырыаны-үҥкүүнү баянынан доҕуһуоллааһыны киллэрсибит, тэниппит киһинэн — ССРС культуратын туйгуна, самодеятельнай композитор, аккомпаниатор, «Ньургуһун» народнай үҥкүү-хор коллективы тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ — Илья Львович Христофоров буолар.
Илья Львович Хаҥалас оройуонугар Кытыл-Дьураа бөһүөлэгин 5-с Малдьаҕар нэһилиэгэр атырдьах ыйын 25 күнүгэр 1939 сыллаахха ырыа аргыстаах, үлэни өрө тутар ыалга күн сирин көрбүтэ. Аҕалара уонна улахан уоллара гармошкаҕа оонньууллара. Кырачаан Илья кинилэри кытта тэҥҥэ атах тэпсэн олорон оонньуур этэ. Сити курдук, Илья улам-улам музыка алыптаах дорҕоонугар ылларан, үгүстүк дьарыктанан, профессионал баянистартан итэҕэһэ суохтук баяны тыаһатар буола улааппыта.
1957 сыллаахха, анал үөрэхтэнэн, диплом тутуурдаах Илья Львович Намнааҕы культура дьиэтигэр ананан үлэлии кэлбитэ.
Ааспыты эргитэн аҕыннахха, Нам киинигэр 1956 сыллаахха тутуллубут со5отох кулууп дьиэтигэр үлэһит дьон күүстээх үлэттэн сынньана, өй-санаа сэргэхситэ бииргэ түмсэрэ. Ону сэргэ, оскуола үөрэнээччилэрэ ырыаҕа, үҥкүүгэ дьарыктаналлара. Баян тыаһа сарсыардаттан хойукку киэһэҕэ диэри дьиэрэйэрэ. 1961 сыллаахха ыраах Бурятияттан балетмейстер идэлээх Роза Борисовна Кириллова кулуупка ананан кэлбитэ. Оччолорго уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьар Афанасий Федорович Шестаков Илья Львовичтыын саҥа кэлбит үлэһити үөрэ көрсөн, олохсутан, күргүөмнээх үлэлэрэ ньиргиччи саҕаламмыта. Араас норуоттар үҥкүүлэрэ, ырыалара, көрдөөх сценкалара баян доҕуһуола суох сатамматтар этилэрэ.
Илья Львович «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллективын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ. Баянын куруутун кыбына сылдьар Ылдьаа «Ньургуһуҥҥа» тапталлаах доҕорун, олоҕун аргыһын Таняны көрсүбүтэ. Татьяна Спиридоновна — Доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ уонна сцена бэтэрээнэ, Нам улууһун Ытык Киһитэ.
70-80сылларга Нам оройуонун үрдүнэн соцсоревнование, пятилетка диэн лозуннаах араас культурнай-маассабай, үлэни-сынньалаҥы кытта тэҥҥэ ситимниир агитационнай культурнай биригээдэ үлэлээбитэ. Массыынаҕа права наада диэн, Илья Львович суоппар курсугар үөрэммитэ. Онон, кулууп дьиэтэ бэйэтэ транспордаах, айан сырыыта үксүүр, ону тэҥэ, көрөөччүтэ кэҥиир. Агитбиригээдэ ардаҕы-куйааһы, тымныыны-силлиэни аахсыбат этэ. Ол курдук, салалта дьаһалынан, кыһыннары-сайыннары фермалары, отчуттары, ыраах сытар нэһилиэктэри, учаастактары барытынан кэрийэрэ. Илья Львович баяҥҥа оонньуурун таһынан, драмтеатрга артыыс быһыытынан сылдьара. Көрдөөх сценкаларга араас оруоллары толороро.
Илья Львович өрүү төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэ көстүүтүн ырыа гынан ыллыыра. Кини «Ньургуһун» диэн ырыатыгар ньургуһун кэрэ сибэкки курдук кылгастык олорон ааһаары бэйэтин олоҕор хоһуйбута киһини уйадытар.
Баян алыптаах матыыбын маастара Илья Львович Христофоров Нам сиригэр кэлиэҕиттэн, орто дойдуттан барыар диэри, баянист-аккомпаниатор быһыытынан сүрэҕин-дууһатын барытын анаан туран, таһаарыылаахтык, бэриниилээхтик, айа-тута үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларын тухары үгүс үтүө салайааччыны, хормейстеры, балетмейстеры, ырыаһыты кытта алтыспыта. Оччотооҕу кэмҥэ тэҥҥэ үлэлэспит, бииргэ алтыспыт айар куттаах биир дойдулаахтарбыт куруутун ахта-саныы сылдьаллар.
Халлааҥҥа көмүс дорҕооннор ханыылаһа сырыстылар,
Сырдьыкка ыҥырар ырыа-дорҕооннор субу тула сана ырыа айаллар!