Муус устар 29 күнэ — Аан дойдуга үҥкүү күнэ. Киһи аймах уйан дууһатын, иэйиитин ураты хамсаныыларынан ойуулаан тиэрдэр, норуоттары сомоҕолуур Үҥкүү искусстватыгар олохторун бүтүннүү анаабыт дьоннорбутун бэлиэ күҥҥэ ахтан-санаан ааһабыт.
ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, Нам оройуонун Бочуотаах гражданина, Саха сирин уус-уран самодеятельнаһыгар аан бастакынан «Народнай» аат иҥэриллибит Нам оройуонугар «Ньургуһун» үҥкүү-хор коллективын төрүттээбит, балетмейстер Роза Борисовна Кириллова 95 сааһынан олоҕун, үлэтин туһунан ахтыы.
Биһиги, ааспыт XX үйэ 60-нус сылларыгар, Аан дойду уодаһыннаах сэриитигэр урусхалламмыт Аҕа дойдубутун чөлүгэр түһэрэн, аһара баран саҥа куораттары, АЭС-тары, ГЭС-ры, саҥа сирдэри, сиртэн хостонор баайдары арыйан, үрдүк куйаарга космоска аан-маҥнай киһини — Юрий Гагарины көтүтэн, эйэлээх олоххо бигэтик үктэнэн, инники сайдыыбыт торума далааһынннаахтык барбытын оччотооҕу оскуола, сэрии сылын оҕолоро, ыччаттар илэ бэйэбитинэн көрөн, истэн, үтүө дьыалаларга кыттыһан кэлбит дьоллоох көлүөнэбит.
Үөрэхтээһин, наука, спорт, тыа хаһаайыстыбатын, промышленность, тутуу, доруобуйа харыстабылын таһыма, дьон олоҕо күнтэн күн тупсан, кэрэҕэ тардыһыы улаатан, нэһилиэнньэҕэ культураны, духуобунай сайдыыны күүһүрдүү тыын боппуруоһунан буолбута.
Сир-сир аайы ыччаттар мустан ыллаан, үҥкүүлээн, сценкаҕа, пьесаҕа артыыстаан, балалайкаҕа, мандолинаҕа, гитараҕа, гармошкаҕа, баяҥҥа бэйэлэрэ сатыылларынан, дьоҕурдаах оҕолор улахан дьону кытары тэттик оркестрдары тэринэн, уус-уран самодеятельность биһиги оройуоммутугар инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Ол кэмҥэ, өссө 1945 сыл муус устар ый 25 күнүгэр, оройуоҥҥа исполнительнай комитет (РИК) уонна ССКП оройуоннааҕы комитета быһаарыыларынан, култуура эйгэтин норуот үөрэҕириитин отделыттан араарыллыбыта. Онон, култуура эйгэтэ туспа салаа буолан тэриллэн, библиотекалар, кулууптар, киинэ биир отделга сомоҕолонон үлэ күүрээннээхтик, сэргэхтик барара диэн кэпсииллэрэ оруннаах. Манна олоҕуран, оччотооҕу кэмҥэ култуура отделын заведующайа сэрии ветерана Афанасий Андреевич Протопопов, Оройуоннааҕы култуура Дьиэтин (РДК) директора, уус-уран салайааччыта, сэрии ветерана Афанасий Федорович Шестаков уонна оҕо музыкальнай оскуолатын төрүттээбит бастакы директор Иван Афанасьевич Бубякин буолан харса суох туруорсууларынан, 1960с. Намҥа оҕо музыкальнай оскуолата аһыллыбытын үөрүүбүтүнэн, дьолбутунан ааҕабыт.
Өр-өтөр буолбакка, 1961с. тигинээн кэлиитэ, инники ааттаммыт үтүө-мааны дьоннорбут аны оройуоҥҥа ырыа-үҥкүү коллектива баар буолуохтаах диэн толкуйга киирэллэр. Ол кэмҥэ уус-уран самодеятельноска Намнар республикаҕа биир тарбахха баттанар оройуон этибит. 50-нус сыллар саҕаланыыларыгар Саха сиринээҕи ыччат I, II республиканскай фестивалларыгар уонна 1954 сыллаахха Карл Маркс аатынан колхоз ыччаттарын үҥкүүтүн ансаамбыла Москва куоракка тиийэн үҥкүүлээн, улахан биһирэбили, хайҕалы ылбыттара бу саҥа сүүрээҥҥэ төһүү күүс буолбута. Нам үҥкүүһүттэрэ ол саҕаттан оһуобай талааннаах, күүстээх баҕалаах эбиттэр: Афанасий Шестаков, Семен Алексеев, Гаврил Дьяконов, Василий Ядрихинскай (кыыс Бааска), кыргыттар Варя Корякина, Ульяна Сивцева (Хоютанова), Ольга Шапошникова, Маруся Сивцева (Алексеева) “Венгерскай көрдөөх”, “Украинскай гопак”, “Гуцульскай”, “Саха ыччатын үҥкүүтэ”, “Былааттаах”, “Булчут үҥкүүтэ” диэн үҥкүүлэринэн кыттыбыттар.
Ити кыайыылар, ситиһиилэр түмүллэн, үлэ ситиһиитин учуоттаан, инники үлэлэригэр кынаттаан, 1960с. күһүнүгэр-кыһыныгар, комсомол райкома инициатива көтөҕөн, Оройуоннааҕы култуура Дьиэтэ (РДК) базовай кулууп буоларынан, кини уус-уран самодеятельноһыгар олоҕуран, Культура министерствотыгар бастакы профессиональнай ырыа-үҥкүү коллективын штатын туруорсубуттарынан икки штаты биэрбиттэр. Бу сүрдээх улахан ситиһии, бириэмэтигэр сөптөөх быһаарыы диэн биһиги сыаналыыбыт! (А.Ф.Шестаков ахтыытыттан)
Өссө биир ситиһиилээх хардыы оҥоһуллан, 1961 сылы көрсө биһиги тапталлаах түөлбэбитигэр Эҥсиэли хочотугар культура сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ, олус элбэҕи быһаарбыт икки штатнай үлэһит — нуучча кыыһа Раиса Федоровна Агапова хормейстерынан уонна бурят кыыһа Роза Борисовна Кириллова балетмейстерынан тиийэн кэлбиттэрэ. Мантан ыла дьаныардаах, күүстээх, ситиһиилээх үлэ саҕаламмыта
Роза Борисовна тус бэйэтин туһунан кэпсиир буоллахха, Саха сириттэн ырааҕа суох Иркутскай уобалас, Бурятскай Усть-Ордынскай уокуругун Закулей сэлиэнньэтигэр сулууспалаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Баишев Борис Батарович химик-инженер идэлээх, ийэтэ Кириллова Елена Васильевна – медик идэлээх. Роза Борисовна оҕо сааһа үксэ Минскэй куоракка ааспыта. 30-с сылларга ийэтин быраата баар сиригэр дьиэ кэргэнинэн көһөн тиийэн олорбуттар. Аҕата заводка экономиһынан, ийэтэ балыыһаҕа үлэлии олордохторуна, 1937с. репрессия ыарахан тыына булан, бастаан аҕатын онтон ийэтин хаайбыттар. Сыл аҥарынан ийэтин таһаарбыттар эрээри, доруобуйата мөлтөөн өр буолбакка олохтон туораабыт. Кыракый кыысчаан соҕотох хаалан ийэтин быраатыгар таайыгар иитиллибит. Олох салҕаныахтаах сокуонунан кыысчааҥҥа, кэлин үөрэнэригэр, үлэлииригэр харгыс буолбатын диэн, араспаанньатын Кириллова диэн уларытан суруйтарбыттар. 12 саастаах кыысчаан Аҕа дойду сэриитин этинэн-хаанынан билбитэ. Улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ «Барыта фроҥҥа! Барыта кыайыы туһугар!» — диэн хараҥаны-сырдыгы тэҥнээн үлэлээн, үөрэнэн, ол быыһыгар госпиталларга агитбригадаҕа сылдьыһан, кэнсиэрдэргэ үҥкүүлээн кыттарым диирэ. Ис иһиттэн олус уйан, нарын дууһалаах буолан, ол ааспыт хабыр сыллар содулларыттан олоҕор элбэх охсуулары ылбытын туһунан хаһан эмит биһиэхэ харах уулаах кэпсээтэҕинэ тэҥҥэ аһынан, уйадыйан ытаһан ыларбыт. Роза Борисовна 1946с. Минскэйдээҕи музыкальнай техникум Хореография салаатын ситиһиилээхтик «Балет артистката» специальностаах бүтэрэн баран, 1956с. диэри Херсонскай уобаласка үҥкүү коллективыгар үлэлээбит. Ол кэннттэн төрөөбүт дойдутугар Иркутскай уобаласка 1956 сылтан 1961 сылга диэри кулууп сэбиэдиссэйинэн, культура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан, ОКДь (РДК) балетмейстерынан үлэлии сылдьан, Саха сиригэр кэлэргэ быһаарынар. Бэйэтэ кэпсииринэн бастакы төрүөтэ — аҕата реабилитацияланан Дьокуускай куоракка олохсуйан, иккистээн кэргэннэнэн кыыс оҕолонон олороро буолбут. Аҕатыгар чугаһаан кырачаан кыыһын Олятын көтөхпүтүнэн 32 саастаах эдэркээн Роза Борисовна биир чемодааннаах Саха сиригэр тиийэн кэлээт, культура Министерствотыгар тиийбит. Онно Нам оройуонугар саҥа тэриллэр ырыа-үҥкүү коллективыгар анаабыттар. Афанасий Федорович ахтарынан, сыарҕалаах атынан киирэн, хас да тулуупка суулаан таһааран, Оройуоннааҕы култуура Дьиэтигэр биир кыра хоско олохтообут. Саҥа квартира ананан көһүөр диэри, ол кыра хоско олорон үрдүттэн үлэлээбит. Роза Борисовна кэлиэҕиттэн Намҥа кулууп аана сабыллыбат буолбута. Профессионал кэлбитэ тута биллибитэ — саҥаттан саҥа үҥкүүлэр туруоруллан, баар үҥкүүлэр чочуллан, хореографическай линиялар, үҥкүү сюжета музыкатын кытары гармоничнай буолаллара тутуһуллан испитэ, эттэххэ дөбөҥ – сыралаах үлэ…
Манна балетмейстер өйө, фантазията, дьоҕура, талаана, толкуйа, сатыыра, билиитэ, хорсун санаата уонна бэйэтин кыаҕар эрэлэ түмүллэн үлэтэ табыллан үрдүк ситиһиилэр кэллэхтэрэ. “Ньургун Боотур” диэн балетнай спектальга танцевальнай-музыкальнай “Сыбаайба” композицияҕа Ефросинья Соколова, Семен Алексеев, Станислав Тоскин, Николай Дьяконов, Егор Барамыгин, Александра Олесова, Альбина Кутукова (Куличкина), Ольга Шарина (Иванова) сүрүн оруолларга ситиһиилээхтик оонньообуттара.
Олох аҕыйах ый иһигэр Роза Борисовна маҥнайгы үҥкүүтүн “Балыксыт үҥкүүтэ” үҥкүүнү туруорбут. Репетициялар киэһэ 19ч-23ч диэри буолаллара үлэлиир киһиэхэ ноҕоруускалаах да буоллар, ону аахсыбакка дьарыктанан 20-чэ үҥкүүлээх 1961 с. алтынньы ый 27 күнүгэр коллектив аһыллар тэрээһинигэр тобус толору көрөөччүлээх залга биһиги үөрүүбүтүгэр коллективпытыгар республикаҕа аан бастакынан “Народнай” танцевально-хоровой коллектив диэн дуорааннаахтык иһиллэр ааты сүкпүппүт (И.З.Кривошапкин ахтыыта). Ол ааппытын XXI үйэҕэ номнуо үйэ чиэппэрин кэриҥэ кэмҥэ 63-ус сылбытын итэҕэтиилээхтик коллектив илдьэ сылдьарыттан астынабыт, киэн туттабыт.
Роза Борисовна баҕалаах оҕолору, үлэлиир ыччаттары, учууталлары, медиктэри – кэлбити кими да төптөрү ыыппакка барыларын үҥкүүлэтэрэ. Ол иһин үҥкүүгэ баҕалаах бары бэйэбитин тургутуммуппут, сыстыгас, дьоҕурдаах балетмейстер ирдиирин “тулуйар” өттө хаалан, ким кэлин идэ оҥостон үлэлиир, ким сааһын тухары коллективка үҥкүүлүү сылдьар. Бастакы көлүөнэ үҥкүүһүттэринэн буолаллар Света Васильева (Зайцева), Гутя Старкова, Вера Чернышева, Валя Охлопкова – Никифорова – стаороста коллективпытыгар, Таня Сивцева (Христофорова), Роза Евстафьева, Аня Мурунова, Альбина Ядрихинскя, Августа Васильева, Мотя Матвеева, Татьяна Гурьева, Маша Баишева (Корякина), Афанасий Шестаков, Василий Ядрихинскай, Николай Харитонов, Иван Бубякин, Анатолий Адамов, Виктор, Александр Шелехов, Алексей Евстафьев, Иннокентий Сивцев, Константин Константинов, Василий Никонов, Андрей Катакинов, Тихон Сысолятин, Иннокентий Тарбахов, Семен Алексеев кылгас кэмҥэ Афанасий Федоров II – Хомустаах кулуубугар үлэлиир кэмигэр эвенскай “Һээдьэ” үҥкүүнү запевалалаабыт, кини кэнниттэн 1971-1972 сс. үһүс көлүөнэ үҥкүүһүттэриттэн “Һээдьэҕэ” Рехлясова Людмила Дмитриевна запевала буолбута. Аҥардас 23 үҥкүүнэн кэнсиэр программатын оҥорон гастролга Хаҥалас (Орджоникидзевскай) оройуонун нэһилиэктэригэр сылдьан кэлбиттэрин астына ахталлар. Ол кэмҥэ “Молдавскай жок”, “Бульба”, юкагирскай “Лондол”, нууччалыы, сахалыы сюиталар “Өлүөнэ долгуннара”, “Матростуу”, Венгерскай “Чардаш”, сахалыы “Чороонноох” үҥкүүлэр туруоруллан репертуар кэҥээн, таҥас-сап тупсан, коллектив толорор мастерствота үрдээн испитэ. “Дьол сибэккитэ” диэн балетнай спектакль туруорбута, музыкатын И.А.Бубякин, либреттотын Роза Борисовна И.З.Кривошапкинныын оҥорбуттар. Манна кыттыбыттар Мария Баишева (Корякина), Анна Гуляева, Слава Колмогоров, уонна 2-с кылаас үөрэнээччитэ Маша Колмогорова (Сайдыкулова). Иккис-үһүс көлүөнэ үҥкүүһүттэргэ оскуола оҕолоруттан Миша, Яна, Горик Гороховтар, Слава, Ваня, Маша Колмогоровтар, Володя, Коля, Рая Ядреевтар, Таня Охлопкова, Варя Попова, Ольга Шарина (Иванова), Люда Егорова, Люда Адамова, Моника Сивцева, Уля Новикова (Кондакова), Альбина Кутукова (Куличкина), Ваня Протопопов, Ганя Охлопков, Станислав Тоскин, Валерий Новгородов, Ольга Габышева (Новгородова), Вика Кривошапкина, Гаврил Местников, Валя Максимова, Людмила Черноградская уо.д.а. Саҥа үҥкүүлэр белорусскай, арабскай, египетскай, калмыкскай “Чечердык”, “Хотугу сюита”, танцевально-музыкальнай композиция “Сыбаайба”, “Вьетнамскай”, чукотскай “Каюр”, “Саабылалаах” туруоруллан фондабыт өссө хаҥаабыта. 4-5 көлүөнэ үҥкүүһүттэр Михаил Макаров, Вася Гаврильев, Катя Обутова, Наталья Мурунова, Ильин Саша, рум, Володя Ушницкайдар, Сергей Торговкин, Костя Копырин, Степан Сивцев, Марик Тоскин, Петя Черкашин, Гоша Сокольников, кыргыттар Света Неустроева, Люда Рехлясова, Лана Бочкарева, Лена Бучугасова, Наташа Ларионова, Вера Филиппова, Надя Дьяконова (Огонерова), Люда Мурунова, даша Климовская, Шура Попова, Алена Афанасьева, Лена Руфова уо.д.а. Эбии “Ньургуһун”, бурятскай “Селенга”, “Кытыйалаах”, тувинскай “Наездники” үҥкүүлэри репертуарга киллэрбиттэрэ.
Роза Борисовна барыта 150 Аан дойду уонна ССРС норуоттарын араас үҥкүүлэрин, композициялары, сюиталары, 3 иккилии акталаах балетнай спектакыллары “Дьол сибэккитэ”, “Ньургун Боотур”, “Кыраһыабай Өлүөнэ” туруоран, чочуйан, киэргэтэн хаалларбыта. “Ньургуһун” коллектив “Көмүс” фондатыгар “Һээдьэ”, “Кэсэгур”, “Лондол”, “Кытыйа”, “Чороонноох”, “Булчут үҥкүүтэ” уо.д.а. киирбиттэрэ.
Роза Борисовна сүҥкэн улахан кылааты үҥкүү сайдыытыгар республикаҕа, биһиги улууспутугар киллэрбит биир тарбахха баттанар, улахан буукубанан суруллар балетмейстер, үҥкүүһүт, учуутал, наставник, тапталлаах ийэ, эбээ, хос эбээ буолар. Кини икки төрөппүт кыргыттардаах, улахана Ольга Валентиновна Кириллова, РФ прокуратуратын ветерана, СР үтүөлээх юриһа, “Гражданскай килбиэн” СР анал бэлиэ кавалера, пенсияҕа олорор, аччыгыйа Елена Алексеевна Кириллова муниципальнай сулууспа ветерана, пенсияҕа олорор, сиэннэрэ – Кириллова (Бабкова) Екатерина Алексеевна «Вентур» компания директорын солбуйааччы, Кириллов Олег Валентинович «Роскомнадзор» Федеральнай сулууспа юриһа, хос сиэнэ Бабков Костя 2 саастах, детсад иитиллээччитэ. Роза Борисовна балта Наталья Борисовна Баишева (Сергина) бухгалтер, пенсияҕа олорор, Слава, Инга диэн уоллаах кыыс оҕолордоох, сиэннэрдээх, кыыһыгар Санкт-Петербург куоракка олорор.
“Ньургуһун” народнай ырыа-үҥкүү коллектива 1963с. Хабаровскай “Сибиир уонна Дальнай Восток норуоттарын” конференциятын кыттыылааҕа;
1965с. Дьокуускай к. зональнай уус-уран самодеятельность көрүүтүн лауреата, ити сылга Москва бүтүн сойуустааҕы уус-уран самодеятелььноһын көрүү лауреата, ону тэҥэ саха литературатын уонна искусствотын Куннэрин Москва, Уфа куораттарын кыттыылааҕа;
1968с. Дьокуускай к. Хотугу норуоттар фестивалларын лауреата;
1970с. Дьокуускай к. Саха фольклорун фестивалын дипломана;
1972с. Башкирияҕа уонна Москва куораттарга Литература уонна искусство күннэрин кыттыылааҕа;
1976с. Дьокуускай к. I Бүтүн сойуустааҕы үлэһиттэр уус-уран айымньыларын фестивалын дипломана;
1978с. Саха фольклорун республиканскай фестивалын дипломана;
1980с. республиканскай ырыа-үҥкүү коллективтарын көрүү дипломана;
1987с. уус-уран самодеятельность сыллата ыытыллар республикатааҕы көрүүтүн кыттыылааҕа;
1988с. Республикатааҕы саха фольклорун көрүү лауреата;
1990с. Улуу Кыайыы 45 сылыгар анаммыт улуустааҕы фестивалын дипломана;
1991с. Нерюнгри куората I сахалыы Үрүҥ тунах ыһыаҕын тэрийээччилэрэ уонна кыттааччылара (делегация 40 киһилээх)
Роза Борисовна сэрии сылын оҕото, саамай сэрии ыар сылларыгар үлэлээбитэ сыаналанан, 1956 с. “1941-1945 сэрии сылларыгар килбиэннээх уонна харса суох үлэтин иһин”, 1970с. В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан “Килбиэннээх үлэтин иһин”, 1975с. “Улуу Кыайыы 30 сылынан” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Роза Борисовна Саха сиригэр Нам сэлиэнньэтигэр кэлбитин хаһан да кэмсиммэт этэ. Биһиги дойдубут айылҕатын олус диэн сөбүлээн, ньургуһун сибэккитин саас аайы тыаҕа тахсан көрөрө уонна тоҥ буорга хаар кэнниттэн хайдах кини үүнэрий диэн соһуйара, аһынара. Ол да иһин буолуо, үҥкүү коллективыгар аат биэрэргэ тулуурдаах сибэкки аатынан кини этии киллэрбит эбит “Ньургуһун” диэн буолуоҕун диэбит.
Опыт атастаһар сыаллаах хоту оройуоннарга командировкаҕа сылдьыталаабыта. Орто Халымаҕа бара сылдьан “Һээдьэ” үҥкүүнү көрбүтэ, һээдьэ таһаарарын истибитэ, хамсаныыларын, таҥастарын, халыма айылҕатын, эбэҥкилэр олохторун, абыычайдарын көрөн-билэн астыммыт аҕай этэ. Иккис командировката Томпо оройуонугар, онно Тополинай сэлиэнньэтигэр “Маранга” диэн ансаамбыл укулаатын оҥорон хаста да баран бүтэһигэр ансаамбыл сүрэхтэниитигэр сылдьан кэлбитэ. Совхоз дириэктэрэ Кладкин улаханнык астынан махтал сурук биэрбитин, өссө Тополинайга көһөн кэлэн биһиэхэ үлэлээ диэбитин күлэ-күлэ кэпсиирэ. Хоту норуоттар үҥкүүлэрин туруорарыгар үҥкүүлэрин чочуйарыгар ити командировкалара төһүү күүс буолтара саарбаҕа суох.
Киһи олоҕо олус кылгас, дьылҕа-хаан Роза Борисовнаҕа 62 эрэ сааһы биэрбит, 1991с. сааһыгар ыарахан ыарыы орто дойду олоҕуттан илдьэ барбыта.
Роза Борисовна үлэтин салгыыр элбэх эдэр профессионал хореографтар, балетмейстердар, үҥкүүлээбит да оҕолор үөрэхтэнэн кэлэн үлэлии сылдьаллар. Билигин утум салҕанан оҕо эрдэҕиттэн “Ньургуһуҥҥа” сылдьыбыт, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Попова (Поротова) Мария Спартаковна туйах хатаран дьаныардаахтык үлэлиир, айар-тутар “Ньургуһун” хагдарыйбат, саҥа киэҥ-куоҥ уораҕайга өссө сайдыа, элбэх, саҥа үҥкүүлэр туруохтара. Мин баҕа санаам 30 сыл иккис дойду оҥостон, таптаан, Намнары үҥкүүнэн аатырдан барбыт үтүө киһибитин үйэтитэн тэрийбит коллективыгар “Ньургуһуҥҥа” Роза Борисовна аатын иҥэриэҕинн диэн этии киллэрэбин.
Роза Борисовна Кирилловалыын бииргэ алтыспыт коллегата,
“Ленскэй нэһилиэк” МТ Бочуоттаах гражданина,
СӨ культуратын туйгуна Раиса Николаевна Горохова.
28.04.2024 сыл.