22.11.2024

Ол көҥүл дойдуттан
Мин Сахам Сириттэн,
От-бурдук быйаҥнаах
Колхозтаах алаастан,
Туундара тулуурдаах
Сонордьут дьонуттан
Мин манна эһиэхэ
Эҕэрдэ аҕаллым, —
Сахалыы ырыабар
Уруйу-айхалы!

Захар Винокуров Порфирий Васильевич уонна Кэтириинэ дьиэ кэргэнигэр, Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Кэҥкэмэ үрэх диэки арҕаа алаастарыттан биирдэстэригэр 1922 сыл кулун тутар 12 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.

Нам сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, оскуолатыгар учуутала Константин Иванович Горохов музыкальнай куруһуок тэрийбитигэр Захар бастакынан суруттарбыт, музыкальнай инструменнарга оонньуурга үөрэммит.

— 1937 с. Дьокуускайга педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр.

— 1941 с. училищены бүтэрээт, Хатырык нэһилиэгэр сэттэ кылаастаах оскуолатыгар история уонна география учууталынан ананар.

— 1943-1944 сс.  ЫБСЛКС Намнааҕы райкомун секретарын солбуйааччыта.

— 1944 сыл сааһыгар, Саха АССР искусствотын Салалтата уонна Саха театра эдэр ыччаты үрдүк музыкальнай үөрэхтэргэ киирэллэригэр бэлэмнииллэрин истэн, райкомтан туһайар суруктаах Дьокуускайга тиийэн, театр оркестрыгар суруттарбыта, бэлэмнэнии куурустарыгар дьарыктаммыта. Захар Порфирьевич музыкант буолар дьылҕатыгар улахан кыһамньытын, оччотооҕуга Саха АССР Совминын иһинэн искусство Салалтатын начальнига, Семен Семенович Сюльскай уурбута.

— 1944 с. Москваҕа музыкальнай консерваторияҕа үөрэнэр. Ол эрэн, ыалдьан, үһүс курс кэнниттэн академическай уоппуска ылбыта.  Кэлин үөрэҕин төһө да баҕарбытын иһин, ыарыытынан үөрэнэрэ бобуллан, ситэри бүтэрбэтэҕэ.

— 1947 с. Дьокуускайдааҕы музыкальнай драма театрыгар музыка салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бу сылларга саха поэттарын хоһоонноругар музыка айарга холонон саҕалаабыта. Айбыт ырыалара театр сценатыттан, радиоҕа ылланан барбыттара. Бу кэннэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа музыка салаатыгар преподавателинэн үлэлээбитэ.

«Ол кэмҥэ биллиилээх композитор, педагог, теоретик, саха музыкатыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит  Гран Григорян, Василий Супружин, ырыаһыттар Анастасия Лыткина, Анна Егорова, Дария Барашкова, Лев Попов кэлэн ырыа үөрэтэн бараллара. Захар сайын дойдутугар тахсан сайылаан сынньанан «Хойоҕо» диэн сайылыкка олорон аҕатыгар көмөлөһөрө, бултуурун сөбүлүүрэ»  — диэн Захар Порфирьевич бииргэ төрөөбүт кыра балта Мария Порфирьевна ахтыытыгар суруллар.

Нам сириттэн ырыа куттаах, музыка сүрэхтээх киэн туттар, ытыгылыыр композиторбыт Захар Порфирьевич Винокуров  1957 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскайыгар санаторийга сытан ыалдьан, 35 сааһын ситэ туолбакка, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.

Захар Порфирьевич айан хаалларбыт бастыҥ ырыаларын күн бүгүнүгэр диэри саха дьоно сөбүлээн толорор.

Ырыалара:

«Балыксыттар» (Иван Гоголев тыллара)

«Бэҕэһээ кулууп дьиэтигэр» (Семен Данилов тыллара)

«Бүлүү» (Леонид Попов тыллара)

«Дорообо, Москва!» (Леонид Попов тыллара)

«Костя уол ырыата» (Н. Тобулахов тыллара)

«Кыталык» (Макар Хара тыллара)

«Кыталыктар кырдаллара» (Леонид Попов тыллара)

«Кыыс ырыата» (Күннүк Уурастыырап тыллара)

«Лена биэрэгэр» (Н. Сергеев тыллара)

«Махтал ырыата» (Семен Данилов тыллара)

«Оһуордьут ырыа» (Иван Гоголев, Иван Федосеев тыллара)

«Өйдөбүл» (Чаҕылҕан тыллара)

«Сааскы ырыа» (Абаҕыыныскай тыллара)

«Саха марша» (П. Тулааһынап тыллара)

«Сибэккилээх түннүк» (Баал Хабырыыс тыллара)

«Сылгыһыт» (Дьуон Дьаҥылы тыллара)

«Сүрэҕим тэптэҕиэн» (Баал Хабырыыс тыллара)

«Таарый, таарый хомускун» (Баал Хабырыыс тыллара)

«Тапталлааҕым хараҕа» (Иван Гоголев тыллара)

«Таптыыр эбээт сүрэҕим» (Алексей Бродников тыллара)

«Фестиваль ырыата» (Савва Тарасов тыллара)

«Чуумпуга» (Макар Хара тыллара)

«Эҕэрдэ ырыата» (Семен Данилов тыллара)

«Эйэ ырыата» (Суорун Омоллоон тыллара)

«Хоптолор» (Леонид Попов тыллара)

«Юбилей ырыата» (Макар Хара тыллара).

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять