22.11.2024

Сэтинньи 24 күнүгэр Намнааҕы народнай театр иһинэн үлэлиир «Күндүл» литературнай-драматическай куруһуок тэриллибитэ 5 сыллаах үөрүүлээх бэлиэтээһинэ буолан ааста.

«Күндүллэр» 5 сыл устата дьарыктарын көрөөччү иннитигэр үрдүк таһымнаахтык  көрдөрдүлэр. 60-тан тахса оскуола саастаах оҕолор уран тылынан саха сирин суруйааччыларын айымньыларын үөрэтэн, уус-ураннык ааҕарга дьарыктаннылар. Бу — үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт тылы сайыннарыыга, төрөөбүт дойду историятын билиитин хаҥатыыга улахан үлэ.

Үөрүүлээх бэлиэ күн Намнааҕы театр «народнай» званиетын көмүскээһинин кытта тэҥҥэ ыытылынна.  Ол курдук, киэҥ далааһыннаах айымньылаах үлэлээх Намнааҕы народнай театр дьүүллүүр хамыыһыйа иннигэр үс спектаакылы көрдөрдө. Режиссердар Роман Александрович Герасимов уонна Саха Өрөспүүблүкэтин култууратын туйгуна Иван Степанович Новиков ыччаты кытта тэтимнээх, дьаныардаах дьарыктаах үлэлэрэ көрөөччү киэҥ биһирэбилигэр тахсар дьоһуннаах күннэригэр көрөөччү сааланы толору кутуллан кэллэ. Бэлиэ түгэни А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Николай Михайлович Жирков арыйда.  Нам улууһун Үөрэҕирии салаатыттан Үлэҕэ иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын начальнига Альберт Алексеевич Павлов, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын директора Николай Григорьевич Парников, «Күндүл» литературнай-драматическай куруһуокка дьарыктанар оҕолор төрөппүттэрэ эҕэрдэ тылларын эттилэр, махталларын тиэртилэр. 

«Саха Республиката» диэн литературнай композицияҕа «Күндүл» бары кыттааччылара олус үчүгэйдик, уран тыл маастарыстыбатын тутуһан туран аахтылар.

Саха биллиилээх суруйааччыта Николай Лугинов «Кустук» айымньытыттан театрализованнай инсценировканы көрдөрдүлэр. Манна айымньы хас биирдии геройун уобараһын артыыстар көрөөччүлэргэ олус итэҕэтиилээхтик арыйдылар.

Көтөрү чинчийээччи, айанньыт, суруйааччы Иван Дьячковскай-Кыталык Уйбаан «Кустугу ситтэрбиэн» айымньытыгар олоҕуран «Ыраах сирдэргэ тиийдэрбин» спектаакылы Намнааҕы народнай театр «Образ» театральнай куруһуок оҕолоро уонна улахан дьоно атаҕынан сатаан хаампат оҕо ыра санаатыгар дьулуурун күүһүн туһунан ааҕааччыга тиэрдии сүрүн соругун оонньоон толордулар. 

  Ону сэргэ,  киһини толкуйдатар миниатюралары көрдөрдүлэр.

«Семинария паартатыттан — Автономия  трибунатыгар» диэн литературнай драматическай спектакль Намнааҕы народнай театр фаворита буолар. Биир дойдулаахтарбыт — судаарыстыбаннай уонна политическай деятеллэр, Саха Автономиятын төрүттэспит, норуоппут оччотооҕу чулуу уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Степан Васильев, Степан Гоголев эдэркээн кэмнэриттэн саҕалаан олохторун анаабыт сылларын арыйан көрдөрдүлэр.  

«Оскуола үөрэнээччилэрэ диэтэххэ идэтийбит артыыстар курдук оонньууллар эбит» — диэн көрөөччүлэр олус долгуйбуттарын, харах уута тохтуон дылы уйадыйбыттарын эттилэр. Тыйаатыр оҕолорун ордук көрөөччү быһыытынан кэлбит учууталлара, сцена ветераннара, төрөппүттэрэ уонна оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр оҕолоро кэлбиттэрэ үөртэ. 

Намнааҕы народнай театр режиссера Роман Герасимов театр эйгэтигэр ыччаты угуйан, артыыс быһыытынан уобараһы арыйыыга уһуйан, номнуо үрдүк ситиһиилэри аҕалла. Наставнига режиссер Иван Новиков уопутуттан үллэстэн, Намнааҕы народнай театр сүрүн састаабын  тэҥҥэ салайсар.  И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын Саха тылын  уонна литературатын предметын учуутала Лариса Дмитриевна Данилова оскуола оҕолорун театр куруһуогар көҕүлээн, салайан илдьэ сылдьар. Эдэр режиссер уонна учуутал инникилээх үлэлэрэ өссө даҕаны айымньылаахтык, далааһыннаахтык үүнэр көлүөнэни иитиигэ туһуланан кэҥиэҕэ диэн бигэтик эрэнэбит.

Бу курдук, үгүс бэлэмнэнии түмүгүнэн, театрбыт «народнай» аатын чиҥэттэ, көмүскээтэ. Инники соруктарын туруорунан, салҕыы аны саҥа туруоруулары күүтэбит.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять