
Дойдуга норуоттар сомоҕолоһууларын сылын чэрчитинэн, алтынньы ый 30 күнүгэр А.П.Решетникова аатынан Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан Энсиэли хочотун туонатыгар өбүгэ саҕаттан саха омук дуораанын сөргүтэн А.Ф.Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн тэриллибит «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө кыллаах маһы ыллатан, саха дорҕоонун уһугуннарар, бар дьонун үөрдэр, төрүт нэһилиэстибэни үйэтитэр, айар үлэлэрин билиһиннэрэр түһүлгэтэ төрүттэммитэ 5 сылыгар аналлаах «Кыллаах маһы ыллатан» art-көрсүһүүтэ уонна Нам улууһун уран тарбахтаах маастардарын уйан матыыптаах музыкальнай инструменнарын быыстапката арыллынна. Тэрээһиҥҥэ саха музыкатын сүгүрүйээччилэрэ, үйэтитиигэ үлэлээччилэрэ уонна «Айар Уустар» креативнай колледж студеннара кэлэн көрдүлэр-иһиттилэр, төрүт дорҕоон эйгэтигэр киирэн элбэҕи биллилэр, сэҥээрдилэр.

Тэрээһин туһунан «Саха» НКИХ ханаалыгар «Саҥа күн» биэриигэ «Нам кылыҺах» төрүт дорҕоон бөлөҕун салайааччыта — СӨ култууратын туйгуна, ырыа айааччы Мария Григорьева-Маайа уонна бөлөх кыттыылаахтара Туяра Петрова, Норуот маастара Петр Машников сырдаттылар.






