
Быйыл Нам улууһугар «Иэйии» аҕам саастаах дьон түмсүүтэ тэриллэн үлэлээбитэ 30 сыла. «Иэйии» — Нам сэлиэнньэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн улууска, республикаҕа биллэр бастыҥ көрдөрүүлээх түмсүү буолар.
Алтынньы 3 күнүгэр, үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн, Ленскэй нэһилиэк тэриллибитэ 85, биир дойдулаахпыт, Саха Чулуу Уола — государственнай уонна политическэй деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 130 уонна Саха сиригэр култуура сылларыгар аналлаах «Көмүс күһүн иэйиитэ» ырыа ансаамбылларыгар аһаҕас күрэс буолан ааста.

Дьүллүүр сүбэ: ССРС култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээхх үлэһитэ Елена Кутукова, «Коробейники» нуучча ырыатын норуодунай ансаамбылын салайааччыта Дмитрий Барабанов уонна “Иэйии” бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайааччыта Пелагея Никонова.

Бары кыттааччыларга истиҥ эҕэрдэбитин, махталбытын тириэрдэбит!
Хас биирдиигит бэйэҕитин көрдөрдүгүт, бэйэҕитигэр итэҕэйдигит, саҥаны арыйдыгытыт. Талааҥҥытын салҕааҥ, сайыннарыҥ, үтүө холобургутунан өссө даҕаны айа-тута сылдьыҥ!