
Быйыл Саха биллиилээх ырыаһыта уонна олоҥхоһута, Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ (31.03.1901-04.02.1979) төрөөбүтэ 125 сыла.
Устар ууну сомоҕолуур уран тыл ууһа, удьуор тойуксут, олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ 1901 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Нам оройуонун Көбөкөн нэһилиэгиэр күн сирин көрбүтэ. Кырылас кумахтаах үрдүк сыыртан Улуу Өлүөнэни өҥөйөн турар Көбөкөн нэһилиэгэ өҥ буордаах, бурдук үчүгэйдик үүнэр сирдэрдээх буолан кураан сылларга өрүс уҥуортан үгүс киһи кэлэн барар эбит. Олор ортолоругар уос номоҕун билэр уус тыллаахтар эмиэ бааллара. Кини уонча саастааҕар Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кэлэн хас да хонон ааспытын ахтара. Онон уол кыра эрдэҕиттэн олоҥхону истэн улааппыта.
Аҕата бэйэтин кыанар, үчүгэй охсооччу эбитэ үһү да, хараҕа суох буолан хаалан, ыарытыйан эрдэ олохтон баран, кыракый Борокуоппай ийэтинээн Бүөтүр Потапов-Хараарбах диэн ырааҕынан аймахтарыгар олорбуттара. Бүөтүр Потапов-Хараарбах уос номоҕун үрдүктүк тутара, куруук тойуксуттары, остуоруйаһыттары, олоҥхоһуттары мунньар буолара. Ол кэмҥэ уол бастакы «Баай-тойон» олоҥхотун өйүгэр хатаан кэбиһэр. Ядрихинскай Прокопий Прокопьевич-Бэдьээлэ 16 сааһыттан олоҥхолуур буолбут. 1931 сылтан холхуостаах. Завхоз, кассир, биригэдьиир. 1946-1948 сылларга бэрэссэдээтэл. Кэнники сылларга совхозка оробуочайынан үлэлээбит. Кини олоҥхолоро 1938 сылтан бэчээттэнэн тахсыбыттара. «Күн Дьөһүөлдьүт» уонна «Дьырыбына Дьырылыата Кыыс бухатыыр» олоҥхолоро магнитофоҥҥа сурулланнар «Саха» көрөдөр-иһиттиннэрэр хампаанньа фондатыгар хараллан сыталлар.
Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ үтүө аата Көбөкөннөөҕү Култуура сынньалаҥ Киинигэр, Нам нэһилиэгин «Олоҥхо Дьиэтэ» духуобунас уонна норуот айымньытын сайдыытын Киинигэр иҥэриллибитэ. Сыллата Нам улууһун фольклорга идэлээхтэрэ олоҥхоҕо, тойукка туһуламмыт кэскиллээх ыччаттарга, талааннаах толорооччуларга күрэстэри тэрийэллэр.